22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Күннээх Ээйиккэ - айылҕа анаан оҥорбут кэрэ дойдутугар

17:01, 02 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Биир интэриэһиргээбитим баар, хоту дойду эҥээригэр дойдулуу ынаҕы-сылгыны иитэллэр, климата сымнаһыар буолан, хортуоппуй, оҕуруот аһын олордуналлар эбит, сахалыы эйгэ ураты тыына биллэн ааһар. Ол курдук, ыал үксэ сайынын оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар. Кэлиҥҥи кэмҥэ, кыһыҥҥы суол аһыллыбытынан, олохтоох урбаанньыттар итиэннэ куоракка олорор биир дойдулаахтарын көмөлөрүнэн-өйөбүллэринэн, нэһилиэнньэ таҥаһынан, бородууктанан хааччыллыыта биллэ тупсубут. Быһата, бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын көрүнэн-дьаһанан олороллор. Уһук ыраах сиргэ маннык эрэ дьаһаннахха олорор курдуккун.

Нэһилиэк баһылыга Николай Дегтярев быйыл Ээйик Солоҕоон нэһилиэгэ 85 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиирин, Тупсарыы сылынан 590 м усталаах тротуар быйыл ситэриллиэхтээҕин, үрүйэлэри туоруур муоста, ититэр ситими туоруур кирилиэстэр оҥоһуллубуттарын, спортивнай площадканы тутуохтаахтарын, ыһыахтыыр сири саҥаттан оҥоруохтаахтарын, уулууссалары көҕөрдүүгэ, тэлгэһэлэр тастарын тупсарыыга үлэ күүскэ барыаҕын кэпсээтэ.

Сарсыныгар улуус баһылыга Александр Иванов оҕо саадыгар, орто оскуолаҕа, “Ээйик” ТХПК хотонугар, хочуолунайга, уот станциятыгар сылдьан үлэни-хамнаһы билистэ.

«Күнчээн» оҕо саадыгар иккис сылын сэбиэдиссэйдиир Лена Васильева эппитинэн, быйыл 36 кырачааны ФГОС программанан үөрэтэллэр. Ыраах олоро буоланнар, сүрүн кыһалҕаларынан, үөрэх кинигэлэрин булуналлара олус ыараханын, иитээччилэр Дьокуускайга биирдэ эмит айаннаатахтарына бэйэлэрэ булалларын, миэбэллэрэ олус эргэрбитин, аны оонньуурдара аҕыйаҕын, таһырдьа оҕо былассаакката наадатын эттэ.

Лена Степановна көмө-тирэх буолар төрөппүттэригэр махтала улахан. Ол курдук, быйылгыттан аҕа түмсүүтүн үлэлэтэн эрэллэр, алта куруһуоктаахтар.

— Биир сонуммут диэн быйылгыттан «Одаренный ребенок» диэн малай академия пилотнай бырайыагар киирдибит. Кырачаан киһи дьиэ кэргэниттэн тирэхтэнэн дьоҕура, талаана сайдарыгар көмөлөһүөхпүт”, — диир Лена Степановна.

Оттон орто оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлиир, Солоҕоон нэһилиэгин ыччатын лидерэ Леонид Степановтыын көрсөн кэпсэттим. Леонид хотугу многоборьеҕа наартаны ойууга Саха Республикатын спордун маастара, Чурапчытааҕы физкультурнай институту 2009 сыллаахха үөрэнэн бүтэрэн баран төрөөбүт дойдутугар үлэлии кэлбит.

— Үөрэнээччилэрбин бэйэм ньымабынан хотугу многоборьеҕа эрчийэбин. Ити эрэн, көрөрүҥ курдук, матырыйаалларым суохтар, онон ыскамыайкалары уурталаан ойдоробун. Спорт бары көрүҥүнэн эрчийэ сатыыбын эрээри, хамаанда оҥорорго оҕолорбут аҕыйахтара охсор. Холобур, 11 кылааска түөрт эрэ оҕо үөрэнэр. Онон 10-11 кылааһы холбоон дьарыктыыбын. Сынньанар кииҥҥэ баран күннэтэ мээчиктиибит, сүүрэбит. Ини-бии Антон, Давид Афанасьевтар Ньурбатааҕы  спортивнай оскуолаҕа боксаҕа анаан-минээн үөрэнэллэр. Улахан күрэхтэһиилэргэ барбаппыт куһаҕан, бэйэбитигэр хаайтаран хаалабыт. Өлөөммүт тэйиччитэ бэрт. Оскуола массыынатынан чугастааҕы Ньурба нэһилиэктэригэр баран күрэхтэһиилэргэ кытта сатыыбыт. Кинилэргэ тиийэн хотугу оонньуулары көрдөрдөхпүтүнэ сүрдээҕин сэргииллэр, билбэттэр эбит. Эппитим курдук, күрэхтэһиилэргэ кыттыыбыт аҕыйах буолан, кыахтаах ыччаттарбыт тахсыбакка хаалаллара хомолтолоох.  Эр доммут айылҕа оҕолорун сиэринэн өрүү бултуу-алтыы сылдьаллар, онон оонньууларга дьахталлар эрэ баар буолаллар.  Чөл олоҕу тарҕатыыга скандинавскай хаамыы кэлбитэ дьон көҕүн үрдэттэ. Дьоммут-сэргэбит доруобуйаларын көрүнэллэр, дуоһуйа хаамаллар. Атын нэһилиэктэргэ курдук, арыгылааһын кыһалҕата баар, бэйэм дьуһуурунайдаан бэрээдэги көрөбүн. Ыччат лидерин быһыытынан эттэхпинэ,  эдэрдэр ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар инники күөҥҥэ сылдьабыт. Үгүспүт ыаллар, үчүгэйэ диэн кэрэ айылҕалаах, бултаах-алтаах, сир аһынан баай сирбитигэр-уоппутугар олохсуйуохпутун баҕарабыт, — диэн кэпсиир Леонид Леонидович.

“Земскэй доктор” федеральнай бырагырааманан Кэбээйиттэн төрүттээх Екатерина Капчук Ээйик учаастактааҕы балыыһатыгар үлэлээбитэ төрдүс сылыгар барбыт. Кэргэннээх, икки оҕолоох эдэр ыал тапталлаах ийэтэ

— Билигин тыа сиригэр балачча уопутурдум дии саныыбын. Маныаха биэлсэрбит Соломонова Екатерина Васильевна сүбэтигэр-аматыгар махталым улахан. Коллективпытыгар 9 үлэһиттээхпит, сытан эмтэнээччилэргэ үс куойка уонна күнүскү станционар баар. Эминэн-томунан оройуон балыыһата хааччыйа олорор. 2013 сыллаахха өрөмүөн оҥорторон, балыыһабыт сылаас, олус диэн абыранныбыт. Арай эмтиир-томтуур инструменнарбыт тиийбэттэрэ, саҥа төрөөбүт оҕону көрөргө остуол суоҕа уустуктары үөскэтэр. Олохтоохторго ордук тымыр, сүрэх ыарыылара, тымныйыылар бэлиэтэнэллэр, оҕолорбут тиистэрэ мөлтөх. Хоту дойду уустук олоҕо бэйэтин суолун хаалларар. Ыарахан туруктаах ыарыһахтарга санрейс ыҥырабын. Хат дьахталлары, төрүүллэрэ биир, икки ый хаалбытын кэннэ, Өлөөҥҥө ыытабыт.

Учаастак бырааһынан кыра нэһилиэккэ үлэлиир бэйэтэ туһунан үөрүйэхтээх эбит. Манна барытыгар хорсун, быһаарыныылаах буоларга үөрэнэҕин. Суол-иис суоҕа атахтыыр, ити эрэн бу сылга баһылык Александр Иванов быһаччы дьаһалынан сайыҥҥы өттүгэр самолет сырыыта тубуста. Ээйик дьонун-сэргэтин сөбүлээтим, бары бииргэ тутуспутунан сылдьабыт. Манна олохтоох ыччаттар дьиэ-уот хото тутталлар. Биһигиттэн медицинскэй сиэстэрэбит Иванова Прасковья саҥа дьиэ туттар былааннаах, Иванова Парасковья дьиэ туттан 2014 сылга киирбитэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн оройуоҥҥа «Бастыҥ үлэлээх коллектив» номинацияҕа тиксибиппит да элбэҕи этэр. Онон, эдэр биир идэлээхтэрбэр хоту сир ыарахаттарыттан куттаммакка үлэлии кэлэллэригэр сүбэлиэм этэ.

Уулуссанан ааһан иһэн сылгыларын аһата сылдьар Владимир Семеновы көрөн хаартыскаҕа түһэрдим. Аргыс кыргыттарым бу бэртээхэй худуоһунньук сылдьар, хата киирэн кэпсэтэн аас диэтилэр. Ээйик уруһуйдьута 1982 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн худуоһунньук идэтин ылбыт. Урукку сылларга улууска, нэһилиэгэр, чугастыы Ньурба Хорулатыгар уруһуйдарын быыстапкатын тэрийбит. Билигин дьиэтигэр олорон дьон сакааһынан уруһуйдуур эбит. Ордук кустары-хаастары уруһуйдуурун сөбүлүүр, үбүлүөйдэргэ, бэлиэ күннэргэ, тэрээһиннэргэ бэлэхтээри үлэһэллэр.

— Билиҥҥитэ хартыыналарым барар буоланнар үчүгэй, сороҕор маслянай кырааскам бүтэн хааллаҕына куораттан үлэһэ охсобун. Кэлин хаартыскалартан көрөн уруһуйдуур буоллум. Бэйэм бэйэбэр сытан үлэлиибин, сырыыбыт уустугуттан ханна да барбаппын. Дьиҥэр, атын худуоьунньуктар айар үлэлэрин көрөн киһи өссө сайдыан сөп этэ, — диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ, — диир сэһэргэһээччим.

Бу курдук кылгастык күннээх Ээйик олохтоохторун кытта алтыһан аастым. Оройуон кииниттэн төһө да тэйиччитин иһин, бу айылҕа анаан оҥорбут быйаҥнаах кэрэ дойдутугар кийииттэр, күтүөттэр сөбүлээн олохсуйар сирдэрэ эбит диэн күлүм санаа охсуллан ааста.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА