24 Сэтинньи 24.11
  • -26°
  • $ 102,58
  • 107,43

Күннээҕи үлэҕэ науканы хайдах туһанабытый?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 28 күнүгэр Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтигэр агропромышленнай комплекс тиһигин наука-тиэхиньикэ ситиһиилэринэн хааччыйыыга анаммыт төгүрүк остуол ыытылынна. Мунньахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта  Михаил Никифоров, норуот дьокутааттара, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, М.Г.Сафронов аатынан ТХНЧИ дириэктэрин э.т. Михаил Черосов, тустаах биэдэмистибэлэр, хаһаайыстыбалар салайааччылара уонна учуонайдар кыттыыны ыллылар.

Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин Сэбиэскэй былаас сылларыгар наукаҕа, наука ситиһиилэригэр тирэҕирэн, тыа хаһаайыстыбатын бары сүрүн салааларыгар үрдүк көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрин бэлиэтээтэ.

– Билигин, өйөбүл саҥа төһүүлэрин ырытар кэмҥэ, салааны саҥа таһымҥа таһаарар ирдэнэр: элбэх үүтү-эти оҥорору, бурдугу уонна оҕуруот аһын үүннэрэри, балыгы уонна күндү түүлээҕи бултууру таһынан, ону сөптөөхтүк таҥастаан, астаан-үөллээн, батаран, дохуоту ылыы үрдэтиллиэхтээх. Онуоха наука төрүттэригэр олоҕурар наада, – диэтэ уонна кэпсэтиигэ көхтөөтүк кыттарга ыҥырда.

Институт баар, үлэлиир

Сүрүн дакылааты оҥорбут ТХНЧИ дириэктэрин э.т. Михаил Черосов Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института хайдах тэриллибитин, ханнык салаалардааҕын, олор туох тиэмэлэринэн чинчийэр үлэни ыыппыттарын, ыыта сылдьалларын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, 1908 с. Дьокуускайга бактериологическай лаборатория аһыллыбыт. Эдэр автономнай өрөспүүбүлүкэ салалтатын, чуолаан Совнарком бэрэссэдээтэлэ Максим Аммосов көҕүлээһининэн, 1925 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын экспедицията кэлэн, улуустарынан чинчийэн баран, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы хайысхаларын быһаарбыт. Онно олоҕуран. 1926 сыллаахтан киин куоракка уонна кэккэ улуустарга стационарнай научнай-чинчийэр итиэннэ уопутунай хаһаайыстыбалар тэриллэннэр, сүөһүнү иитии, сиртэн үүнээйини ылыы салааларыгар наука ситиһиилэрин киллэриигэ тирэх пуун буолбуттар. 1956 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Дьокуускайдааҕы силиэксийэ ыстаансыйатын уонна сүөһүнү иитии уопутунай ыстаансыйатын базаларыгар ТХНЧИ тэриллибит.

Институт иһинэн чопчу салааларынан 14 научнай лаборатория үлэлиир, улуустарга 16 научнай стационар баар. Тыа хаһаайыстыбатын култуураларын саҥа суортарын таһаарыыга, ынах сүөһү, сылгы, таба, килиэккэлээх кыыл боруодаларын тупсарыыга, бэтэринээринэй эми-тому (биопрепараттары) оҥорууга, тыа хаһаайыстыбатын култуураларын үүннэриигэ, бородууксуйаны астааһыҥҥа саҥа технологиялар оҥоһуллан, олоххо киллэриллэллэр. Солбугу үүннэрэр аспирантураҕа 22 эдэр учуонай үөрэнэр. Тыа хаһаайыстыбатын дьоҕус академията өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын кытары ыкса үлэлиир.

Сылга 30 мөлүйүөн наада

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов кэлиҥҥи үс сылга научнай чинчийиилэри олоххо киллэриигэ ыытыллыбыт үлэ туһунан иһитиннэрдэ. Министиэристибэ иһинэн тэриллибит Научнай-техническэй уонна экономическэй бэлиитикэ сэбиэтигэр миниистири солбуйааччылар, департаменнар салайааччылара, учуонайдар үлэлиилэр. 2019-2021 сс. 21 (ТХНЧИ-ни кытары 13, АГАТУ-ну кытары 6, тэрилтэлэри кытары 2) хантараах түһэрсиллэн, 2019 с. – 19 мөл., 2020 с. — 23,5 мөл., 2021 с. — 23,7 мөл. солк. көрүллүбүт. 2022 сылга үбүлээһин суоҕунан, научнай тэрилтэлэр сайаапкалара төннөрүллүбүт.

Бу кэм устата элбэх үлэ ыытыллыбыт. Сүрүннэрин ыллахха, өртөөһүн ходуһаҕа суолтатын чинчийэр үс сыллаах үлэ бастакы түһүмэҕэ бүппүт. Үлэ түмүгүнэн «Арассыыйа Федерациятыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимин быраабылаларын бигэргэтэр туһунан» бырабыыталыстыба 2020 сыллаахха таһаарбыт уурааҕар кэккэ уларытыылары киллэрэри туруорсарга тирэх докумуон оҥоһуллуохтаах. Иккиһинэн, саха кымыһын аһытыытын (закваскатын) техническай усулуобуйата бигэргэтиллибит. Үсүһүнэн, саха сылгытын Индигирдээҕи көрүҥүн бигэргэтии үлэтэ түмүктэнэн, докумуоннара Сылгы иитиитин научнай-чинчийэр институтугар уонна Тыа хаһаайыстыбатын федеральнай министиэристибэтигэр бэриллибиттэр. Сылгыттан ылыллар бородууксуйа куттала суох буолуутугар бэтэринээринэй-санитарнай дьаһаллары киллэрии бырайыага «Победа» (Таатта), «Танда» (Уус Алдан) кэпэрэтииптэргэ, «У.К.Филиппов» биирдэм хаһаайыстыбатыгар (Мэҥэ Хаҥалас) ыытыллар. Ол түмүгүнэн, экспортка тахсар кыахтаах, экология өттүнэн ыраас, иҥэмтиэтинэн баай сылгы этин оҥорууга методическай сүбэлэр оҥоһуллуохтара. Амма, Алдан, Абый, Ньурба, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар улуустарыгар мүөттээх ыҥырыаны оройуоннааһыҥҥа үлэ саҕаламмыт. Тастан киллэриллэр бородууксуйаны солбуйуу хайысхатынан племенной-силиэксийэлиир үлэ тиһигин бөҕөргөтүү Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Алдан, Бүлүү, Ньурба бөдөҥ хаһаайыстыбаларыгар түмүктэнэн эрэр. Онон өр сыллартан ууһатыллан олохсутуллубут симменталы генопуонда боруодатын быһыытынан билиниигэ тирэх буолар докумуоннар Бүтүн Арассыыйатааҕы сүөһү иитиитин институтугар кэлэр ыйга бэриллиэхтэрэ. Адаптивнай технологияны киллэрии быһыытынан, Покровскайдааҕы уонна Золотинкатааҕы килиэккэлээх кыылы иитэр хаһаайыстыбаларга соҕурууттан аҕалыллыбыт киис аһылыгын рационугар биологическай көхтөөх эттик (янтарнай кислота, бэс үнүгэһэ) туһаныллыбыта көдьүүстээҕин уонна кэскиллээҕин көрдөрбүт. Киис ахсаанна 2,7 төгүл элбээн, күн бүгүн 887 буолбут.

– Эдэрдэри чинчийэр үлэҕэ көҕүлүүргэ грант олохтуур туһунан балаһыанньа итиэннэ кэлэр сыллардаах үлэни торумнуур «2023-2027 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын научнай-техническэй хааччыйыы» бырагыраамата оҥоһуллан сөбүлэһиигэ сылдьар. АПК тирээн турар кыһалҕаларыгар наука ситиһиилэрин олоххо киллэриигэ анаан сыллата 30 мөл. солк. көрүллүөн наада, – диэн түмүктээтэ миниистир дакылаатын.

Амма эрэ сиэмэнэн хааччынар

– Ханнык баҕарар салаа наука ситиһиилэригэр тирэҕирдэҕинэ ситиһиилээх буолара өйдөнөр, – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров. – Ити эрээри, харчы суох буолла да, үлэ тохтоон хаалыа суохтаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиэхэ атын эрэгийэн учуонайдара кэккэ этиилэрдээх кэлэллэр, бэйэбит үбүлээн, маннык бырайыагы киллэриэхпитин баҕарабыт дэһэллэр. Ону институттаах буоламмыт, сэҥээрбэт буола сатыыбыт.

Ыһыы сиэмэтэ тиийбэтин бары билэҕит, хортуоппуй уонна бурдук сиэмэтин баһыйар өттүн өрөспүүбүлүкэ таһыттан атыылаһабыт. Ааспыт саас Амма улууһа эрэ ыһыы сиэмэтинэн бэйэтин толору хааччынна! Кэлэр өттүгэр ыһыы сиэмэтинэн сатаатар 50 % хааччынар таһымҥа тиийэр соругу туруорунуохха наада. Ону олоххо киллэриигэ ТХНЧИ министиэристибэни уонна хаһаайыстыбалары кытары ыкса үлэлиэхтээх. Оройуоннаммыт сиэмэлэри хаһаайыстыбаларга биэрэн үүннэртэрэн, элбэтэн, салгыы тарҕатарга өйөбүл табыгастаах тиһигин толкуйдуохха. Ити биирэ. Иккиһинэн, сүөһү-сылгы иитиитин таһынан көтөрү уонна мүөттээх ыҥырыалары иитии курдук саҥа салаалар сайдан эрэллэр. Дьэ манна научнай төрүт диэн чахчы суох, дьоннор сүрэхтэрин баҕатынан үлэлээн-хамсаан, уонунан туонна мүөтү сүүрдэллэр. Онон бу хайысханан эмиэ элбэх үлэ күүтэр.

Наука күннээҕи олоххо туһаныллыахтаах, дохуоту үрдэтэргэ үлэлиэхтээх. Ылан көрүөҕүҥ «Кириэстээх» кэпэрэтииби. Бу хаһаайыстыба учуонайдары кытары үлэлэһэн, ис кыахтарын аттаран, сүөһүтүн аһылыгын аҥаарын бааһынаттан хааччынар, үүттүгэннээх култууралары ыһан өлгөм үүтү ыыр. Былырыыҥҥы, быйылгы курааҥҥа оҕустарбата. Элбэх сүөһүлээх бөдөҥ хаһаайыстыбалар бары итинник тэринэн үлэлиэхтээхтэр. Билигин урукку буолбатах, судаарыстыба өйөбүлүгэр тирэҕирэн, барыстаахтык үлэлиир хаһаайыстыба кэккэтэ хаҥаан иһэр, кинилэр ситиспит кирбиилэрин чиҥэтэн, аныгы технологиялары туһанан, аны хаачыстыбаҕа үлэлиир кэмнэрэ кэллэ.

Ыйытыылар уонна хоруйдар

«Төгүрүк остуол» кыттыылаахтара дакылааччыттарга үгүс ыйытыыны биэрэн, сиһилии хоруйдары ыллылар.

Норуот дьокутаата Елена Голомарева экономика наукатын дуоктара Дмитрий Сыроватскай ыстаадаларга олорон, табаһыттары кытары тэҥҥэ сылдьан, таба салаатын үлэтин-хамнаһын тэрийиигэ, ол иһигэр үлэ харыстабылыттан, ороскуоту толуйууттан саҕалаан, табаһыт хамнаһыгар тиийэ, ааҕан-суоттаан оҥорбут научнай ырытыытыгар олоҕуран өйөбүл тиһигэ олохтоммутун, ол түмүгэр уустук кэмнэргэ табаны иитии салаата тулуктаспытын бэлиэтээтэ. Наука олоххо көмөтүн чаҕылхай холобура ити буолар диэтэ. Наука ситиһиилэрин бастакынан олоххо киллэрэр бэтэринээринэй сулууспаҕа сарбыйыы сыыһа барбытын эттэ уонна үгүс улууска салаа эрэ быһыытынан хаалбыт управлениелары сөргүтүү хаһан ыытылларын, балыктааһын кубуотата унна таба субсидията билигин хайдах ырычааҕынан оҥоһулларын ыйытта. Уһуйааннарга уонна оскуолаларга оҕо «итии» аһылыгын рационун убаһа этинэн уонна олохтоох балыгынан байытыы бырайыага олоххо хайдах киллэриллэрин билиэн баҕарда.

Норуот дьокутаата Иван Данилов ити билигин саҥа арыйыы курдук этиллэр бырайыактар сорохторо урут да бааллара, Сэбиэскэй былаас саҕана тыа хаһаайыстыбатыгар научнай чинчийии былааннаахтык уонна үрдүк көдьүүстээхтик ыытылларын түмүгэр мөлүйүөннээх холкуостар, сопхуостар үөскээбиттэрэ диэтэ. Курааны тулуйар элбэх сыллаах оту ыһыыга, мелиоративнай үлэ тиһигин тэрийиигэ о.д.а. ааспыт сыллар уопуттара хайдах туһанылларын чопчулаан ыйытта.

Норуот дьокутаата Павел Петров каадыры бэлэмнээһиҥҥэ тохтоото. Анал үрдүк үөрэх кыһатыгар тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэн баран, идэтинэн үлэлээбэт исписэлиискэ туох миэрэ ылылларын туһунан сураста. Онуоха уопсайынан аграрнай үөрэх кыһатын бүтэрбит ыччат 50 %-а эрэ идэтинэн үлэлиирэ этилиннэ.

– Улуустартан сайаапка олус аҕыйах буолан, АГАТУ-га тус сыаллаах миэстэ көрүллүүтэ 20 %. Тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэнэн баран идэтинэн үлэлээбэт дьоҥҥо сыһыаннаан эттэххэ, ааспыт сыл түмүгүнэн дуогабардаах эбээһинэстэрин толорботох дьонтон өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 12,5 мөл. солк. харчы төнүннэриллибит, – диэтэ СӨ Үөрэҕин уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччыта Михаил Присяжнай.

Улуустар кыахтарын учуоттуохха

Бириэмэ ыгымынан, санааны атастаһыыга икки эрэ киһиэхэ тыл бэрилиннэ. Амма улууһуттан видеокэмпириэнсийэ киэбинэн кыттыбыт Дмитрий Левин түгэнинэн туһанан, тыын суолталаах кыһалҕаларын туруоруста. Бастатан туран, хаһаайыстыбалары үп-харчы өттүнэн чэбдигирдии бырагырааматынан көрүллэр харчы 60 %-а эрэ кэлбитин санатта, ордуга хаһан кэлэрин ыйытта. Иккиһинэн, сыана туоха барытыгар ыарыы турарынан, үүт харчытын үрдэтэргэ эттэ. Салгыы төгүрүк остуол кэпсэтиитигэр сыһыаннаан, бэрт интэриэһинэй этиилэри оҥордо:

– Кураанынан сибээстээн, элбэх сыллаах оту ыһыыга үбүлээһин наада. Сөптөөх үп-харчы көрүллэрэ буоллар, биһиги улууска Амма өрүс сүнньүгэр сытар нэһилиэктэр хаһаайыстыбалара – «Амма», «Бөтүҥ», «Абаҕа», «Болугур» кэпэрэтииптэр үчүгэй хаачыстыбалаах оту да, бурдугу да хааччыйар кыахтаахтар, тиэхиньикэлэрэ уонна сирдэрэ-уоттара баар. Ону оттукка-уматыкка, саппаас чааска сыана күн-түүн үрдүү турара атахтыыр. «Кормопроизводство» бырагырааматынан үбү көрөргө ханнык улуус төһө харчыны укпутунан диэн буолбакка, улууска төһө хаһаайыстыба, сир-уот уонна тиэхиньикэ баарынан учуоттуур көдьүүстээх буолуоҕа. «Бөтүҥ» кэпэрэтиип ыччат сүөһүнү төлөһүтэр былаһаакканы оҥорбута, биһиги манна сир аннынааҕы тымныыны туһанар, «тымныыттан сылааһы оҥоруу» технологиятын киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт.

Сиргэ эргиллиэххэ!

Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара Афанасий Чугунов этиитин ыраахтан саҕалаата:

— Кэпсэтиибит сүнньүттэн туораан, Ил Түмэн биһигиттэн истиэн баҕарбыт научнай тематиката, научнай тыла-өһө бэрт кэмчитик иһилиннэ. Саха сиригэр аграрнай наука сайдыыта үс түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэх – этнография өттүнэн үөрэтии. Манна XVIII үйэҕэ уонна XIX үйэ саҕаланыытыгар академик Миддендорф, Маак, Серошевскай уо.д.а. чинчийиилэрэ киирэллэр. Иккис түһүмэх – экспедиция чинчийиитэ, чуолаан 1925-1926 сс. ССРС Наукаларын академиятын экспедицията сүөһүнү-сылгыны иитии уонна сиртэн үүнээйини ылыы таһымын чинчийэн, салгыы сайдар тосхолун быһаарыыта. Үһүс түһүмэх – биһиги учуонайдарбыт стационардарга научнай чинчийиилэрэ. Бу түһүмэх Блембовскай-Попов, Петр Романов, Георгий Коротов уо.д.а. үлэлэриттэн саҕаланар. Биһиги бары кинилэргэ үөрэммиппит.

Бэйэм зоотехник, сүөһүнү иитиигэ идэтийбит учуонай быһыытынан эттэхпинэ, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны оҥорон таһаарыы алгоритма тулхадыйбат биир: сир — аһылык – сүөһү — бородууксуйа — ырыынак. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа маннык тиһигинэн салайыллар. Мантан биир эмит сүһүөх көттөр эрэ, экэнэмиичэскэй көдьүүс суох буола түһэр. Сүөһүнү иитиигэ саамай сүрүнэ мэччирэҥ, ходуһа уонна бааһына, сүөһүттэн бородууксуйаны ылыы 60 %-ын ас-үөл быһаарар.

«Сир – олох төрдө» диэн ити иһин этиллэр. Сиргэ эргиллиэххэ, сири кичэйэн оҥоруохха, быйаҥнаах араҥатын байытыахха! Үлэ мантан саҕаланыахтаах. Оччотугар эрэ үчүгэй хаачыстыбалаах, өлгөм үүнүүнү ылан, сүөһү аһылыгын бөҕө туруктаах базатын хааччыныахпыточчотугар эрэ элбэх үүтү, эмис эти ылыахпыт. Эт-үүт баар буолуо – салгыы технология ирдэбилинэн астанан-таҥастанан ырыынакка тахсыаҕа. Сүөһүттэн бородууксуйаны ылыы логиката сити буолар. Хомойуох иһин, бу мөккүһүллүө суохтаах чахчыны биһиги «умнан» кэбиһэбит уонна сөптөөх аһы-үөлү хааччыйбакка сылдьаммыт, сүөһү ахсаанын элбэтэргэ турунабыт.

Атын эрэгийиэннэртэн, эгэ, омук сириттэн дуо, боруода сүөһүнү аҕалары мин төрүт утарабын. Бэйэбит учуонайдарбыт бу тыйыс айылҕалаах хотугу дойду усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн ууһаппыт ынах сүөһүлэрин, сылгыларын уонна табаларын боруодата баар эбээт. Олору элбэтэргэ үлэлиэххэ, ходуһалары уонна бааһыналары төрдүттэн тупсаран, мелиорация дьаһалларын тэрийэн, сүөһү аһылыгын базатын хааччыйыахха.

Статистика этэринэн, биир гектар ходуһаттан 15-20 сэнтиниэр оту, биир гектар бааһынаттан 15-17 сэнтиниэр бурдугу ылар, ынах ахсыттан 3 500 киилэ үүтү ыыр таһымҥа тиийдэхпитинэ, бэйэбитин аһынан-үөлүнэн хааччыныа этибит.

Билигин стационарнай чинчийиини ыытар кырдьык уустугурда. Өскөтүн сопхуос саҕана сүөһү-сылгы үксэ биир сиргэ, анал үөрэхтээх исписэлиистэр, идэтийбит үлэһиттэр көрүүлэригэр турар буоллаҕына, билигин 80 %-а дьоҕус бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэтэх ыаллар бас билиилэрэ. Онон, үлэ оҥорумтуотун үрдэтэргэ, саҥа технологиялары киллэрэргэ күүһү түмэр, кэпэрээссийэлэһэр ирдэнэр.

Кэпсэтии салҕаныаҕа

Киирбит этиилэринэн резолюция ылылынна. Төгүрүк остуолу түмүктүүрүгэр норуот дьокутаата Андрей Находкин кэпсэтии манан муҥурдамматын, көрсүһүү аны ТХНЧИ базатыгар былааннанарын туһунан иһитиннэрдэ.

Хаартыскаҕа Василий Кононов (Ил Түмэн) түһэриилэрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА