Күндү үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар! Ытыктабыллаах учууталлар уонна төрөппүттэр!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин!


Балаҕан ыйын 1 күнэ биһиэхэ, хас биирдиибитигэр, бары көлүөнэ дьоҥҥо өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник иҥмит, оскуолаҕа үөрэммит уонна устудьуоннаабыт сылларбытын, доҕотторбутун, учууталларбытын ахтар-саныыр, умнуллубат үтүө өйдөбүллээх бэлиэ күммүт. Алтан чуораан чугдаарар тыаһынан оскуола аанын аан бастаан аһар, маҥнайгы кылааска киирэр кырачааннарга уонна төрөппүттэригэр ураты долгутуулах түгэн. Кинилэргэ билии киэҥ аартыгын арыйар, олохторугар бастакы олук уурар дьоһун кэм саҕаланар.

Үөрэх эйгэтигэр сүрүн соругунан киһи билии-көрүү, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дьоҕурун уонна кыаҕын бары өттүнэн тэҥник сайыннарыы, саҥа көлүөнэ ыччакка норуот культуратын, историятын үгэстэрин иҥэрии уонна төрүт баайын-дуолун харыстааһыҥҥа иитии буолар. «Үөрэх туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҕону үөрэтии уонна иитии ирдэбилэ саҥа таһымҥа тахсар, онуоха ураты суолта оҕону оскуола иннинээҕи уонна эбии үөрэтиигэ ууруллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үөрэх эйгэтин сайыннарыыны сокуон өттүнэн хааччыйыыга тиһиктээх уонна утумнаах үлэ ыытыллар, бастакы суолталаах бырайыактар олоххо киллэриллэллэр.

Күндү үөрэнээччилэр, устудьуоннар! Билиигэ, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһыыгыт күүһүрдүн, айар талааҥҥыт, дьоҕургут арыллан истин! Дабайбыт үктэлгитигэр тохтообокко, саҥаттан-саҥа үрдэллэргэ дьулуһуҥ!

Ытыктабыллаах учууталлар, төрөппүттэр! Ыччаппыт дэгиттэр сайдыылаах, норуотун үгэһигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, төрөөбүт дойдубут инникитин уһансар кыахтаах буола буһан-хатан тахсарын түстүүргэ айымньылаах үлэни, ситиһиилэри баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков

This post was published on 01.09.2017 12:09 12:09