Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интэринээт үөрэнээччитэ, үгүс дьону кэрэ куолаһынан уонна олоххо дьулуурунан сөхтөрбүт кыракый Айыллаана Степанова талаанын арыйарга «Күнчээн» аан дойдутааҕы аһымал фондата улаханнык көмөлөспүтэ.
Маннык фондалар баар буоланнар, айылҕаттан айдарыылаах оҕолор талааннарын киэҥ истиигэ, көрүүгэ таһаарарга улахан күүс-көмө буолаллар.
«Күнчээн» аан дойдутааҕы аһымал фондата оҕо дьоҕурун сайыннарар, көмөлөһөр сыаллаах ааспыт сылга тэриллибитэ. Кини тэрийээччитинэн Family office холдинговай хампаанньа буолар. Бу хампаанньа дьиэ кэргэн хапытаалын байытар сыаллаах. «Күнчээн» Саха сиринээҕи фондатын айылҕаттан айдарыылаах, Ньурбаттан төрүттээх Араида Егоровна Николаева салайар.
Бу кылгас кэм иһигэр киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллан, аҕыйаҕа суох киһи аһымал фонда көмөтүнэн туһанна. Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин элбэх оҕолоох ыала – Ивановтарга 50 тыһ. солк. суумалаах көмө оҥоһулунна. Төҥүлү орто оскуолатыгар үөрэнэр кыаммат ыаллар оҕолоругар 170 тыһ. солк. харчынан көмө оҥоһуллубута.
Быйыл фонда тэрийиитинэн Аллараа Бэстээххэ өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах «Ырыа ыллыгынан» диэн ырыа күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Манна уопсайа 800 оҕо кыттыыны ылбыта. Гран-при үрдүк аатын Майаттан сылдьар Айыына Федорова ылбыта. Маны ааһан өссө «Күнчээн» ырыа куонкурсун тэрийэн ыыппыттара. Ырыаһыт оҕолортон саамай бастыҥнарынан Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн сылдьар Ганя Алексеев ааттанан, Грецияҕа баран күүлэйдээн кэлбитэ.
Соторутааҕыта «Күнчээн» фонда ЮНЕСКО Грециятааҕы салаатын президенэ Иоаннис Маронитиһы кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэристэ. Ол чэрчитинэн “People of the Sun» («Люди солнца») диэн анал бырагырааманан улахан үлэ ыытыллыахтаах.
This post was published on 21.09.2016 15:08 15:08