Үҥкүү национальнай тыйаатыра "Хара саһыл" испэктээк премьератын бэлэмниир

Үҥкүү национальнай тыйаатырыгар Сергей Зверев-Кыыл Уола «Хара саһыл» айымньытынан испэктээги туруорууга үлэ барар, СИА суруйар.


Испэктээк Кыыл Уолун 120 сылыгар ананар. Премьера киинэ версиятынан 2020 сыл ахсынньы 25 күнүгэр 20.00 чааска тыйаатыр youtube-ханаалыгар көстүөҕэ.

Туруорар бөлөх: композитор – Николай Михеев, либретто ааптара уонна режиссер-туруорааччы — Костас Марсаан, тылбаас ааптара – Зоя Попова, хореограф-туруорааччы – Светлана Бессонова, худуоһунньук-туруорааччы – Екатерина Шапошникова, дирижер-туруорааччы – Николай Петров, научнай консультант – искусствоведение доктора Ангелина Лукина. Билигин эрэпэтииссийэ күүскэ барар, саҥа көстүүмнэр тигиллэллэр, реквизиттар уонна бутафория оҥоһуллаллар. Роспотребнадзор ирдэбиллэрэ тутуһуллаллар.

««Хара саһыл» испэктээк номох быһыытынан таһаарыллар, айылҕа уонна киһи алтыһыыта. Бу хореографическай драма, национальнай тыйаатырга саҥа сүүрээни көрдөөһүн. «…Үчүгэй номох – үчүгэй ырыа матыыбын курдук. Биирдэ иһиттэххэ, умнубаккын. Өйгөр уһуннук хатанан хаалар, баҕар үйэлэргэ». Биһиги көрөөччүбүтүгэр маны тириэрдэр сыаллаахпыт», — тыйаатырга эттилэр.

This post was published on 15.12.2020 18:01 18:01