Уопсай өйдөбүллэр
Доруобуйа туһунан билим быһаччы этэр — күн уотугар хараарыы доруобуйаҕа охсуулаах. Ол эбэтэр, күн уота туһалаах эрээри, тирии хараарыар диэри күн уотугар быһа сиэтии буортулаах.
Киһи тириитэ күнтэн хараарыыта — эт-сиин көмүскэнэр көрүҥэ. Күн көстөр уонна ититэр сардаҥаларыттан ураты ультрафиолетовай (УФ) сардаҥалардаах. Күүстээх күн уотугар баар УФ-сардаҥалар тыынар тыыннаахха урусхаллаах дьайыылаахтар, килиэккэҕэ ДНК сибээстэрин быһаллар, онтон сылтаан сөбө суох килиэккэлэр элбииллэр. Онон УФ-сардаҥалары Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ канцероген испииһэгэр киллэрэр, ол эбэтэр искэн ыарыыны көбүтүөн сөптөөх дьайыыларга.
Күн сардаҥата куруутун тиийбэт D3 битэмиини солбуйар туһалаах. Уһун кыһын устата бу битэмиинэ тиийбэт Саха сирин олохтоохторо хайдах буолабыт?
Бастатан туран, бу битэмиини астан-үөлтэн эмиэ ылыахха сөп. Иккиһинэн, күн нөҥүө хаһаанарга “ыһаарыланар” гына хараарар ирдэммэт. Күн уотун өҥөлөөх дьайыытын былыттаах да күн ылыахха сөп. Анаан-минээн хараара сатыыр наадата суох. Кыһалҕа кыһарыйбат буоллаҕына, күн уотун анныгар сарсыарда 8 чаастан 10 чааска диэри уонна киэһээ 17 чаастан күн киириэр диэри сыламныыр ордук. Бу сүбэ араас дойдуга тус туспа. Дьиҥэр, Саха сиригэр сайын ортото 10 чааска күн уота күлүбүрэтэн абытай буолааччы ээ. Ордук туһалаах чопчу кээмэйдээһин УФ-индекс диэн аатырар.
Саас тоҕо хараарабыт?
УФ-индекс күн-дьыл туругун билгэлиир саайтарга, сыһыарыыларга ыйыллар эрээри, үгүс дьон бу көрдөрүүнү интэриэһиргээбэт. Дьиҥэр, бу олус суолталаах көрдөрүү. Сорох ардыгар күн дьайыытын күүһүн көрөн дьиэттэн быкпатах ордук буолуон сөп. УФ көрдөрүүтүн үксүн 11 таһымҥа арааран ааҕаллар. Саха сиригэр муҥутуур көрдөрүүнү 6–7 таһымҥа тиийэр диэн ааттанар эрээри, манна туспа учуоттанар туспалаах. Дьэ эрэ, ханнык таһым кутталлааҕынан ааттанарый?
УФ таһыма 0–2. Куттала суох көрдөрүү, эбии көмүскэнэр миэрэ ирдэммэт.
УФ таһыма 3–5. Күн чыпчаалыгар турар кэмигэр сэрэхтээх буолбут ордук. Сэлээппэ, ачыкы кэтэн хаххаланар туһалаах.
6–7. Бу үрдүк таһым, 10:00 чаастан 16:00 диэри суһал наада суох буоллаҕына, күн анныгар өр сылдьар доруобуйаҕа охсуулаах. Бэргэһэ, ачыкы кэтэри таһынан, күн уотуттан көмүскүүр маастаммыт туһалаах буолуо.
УФ таһыма 8–10. Күнүс таһырдьа тахсыбатах ордук. Киэһээтин харыстанар миэрэлэри тутуһан кылгас кэмҥэ таһардьа тахсаҕыт.
УФ таһыма 11‑тэн үрдүк буоллаҕына, дьиэттэн быкпатах ордук. Бу доруобуйаҕа чахчы охсуулаах, суһал быһыы-майгы биллэриллэр көрдөрүү.
Эппитим курдук, Саха сиригэр УФ-сардаҥалар кутталлаах таһымҥа тахсар күннэрэ суоҕун кэриэтэ. Ол эрэн, сорох ардыгар киһи доруобуйатын айгыратыан сөптөөх түгэн үөскүөн сөп. Киирии тылга ахтан аһарбыт ыйым — кулун тутар уонна батыһа кэлэр муус устарыгар УФ-индекс таһымын балтараа, икки төгүл ааҕыах тустаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, хаар УФ-сардаҥалары тэйитэр, онон күн дьайыыта икки төгүл кэриэтэ күүһүрэр эбит. Ол иһин, таһырдьа сөрүүн да соҕус буоллар, күнү быһа таһырдьаттан арахпат бэдиктэр хараарар-бороорор эбит буоллахпыт.
Онон сирэй тириитэ эрдэ мыччыстыбатын туһугар саас айылҕаҕа тахсар түгэҥҥитигэр хара ачыкы кэтэн, күн мааһынан уҥунуохтанан көмүскэммит ордук буолуо. Оттон соҕуруу сынньана айаннаатаххытына, УФ-индексин кэтээн көрөр, күнүһүн хаххаланар буоллаххытына эрэ туһалаахтык сынньанаҕыт.
Тирии көрүҥүттэн тутулуктаах
Саха сиригэр күн уота күүстээҕин олохтоох омуктар тириилэрин өҥө туоһулуур. Уопсай өйдөбүл этэринэн, экваторга чугаһаан истэҕин аайы олохтоох омук дьүһүнэ хараҥа соҕус буолан иһэр. Ол эрэн, Арктика кэтирээһинигэр чугас олорор омуктар бары кэриэтэ хара бараан дьүһүннээхтэр. Бу уратыбыт бэрт туһалаах буолааччы. Холобур, окко сырыттахха туус-маҥан тириилээх уолаттар улаханнык эрэйдэнээччилэр — көҕүстэрэ кытарчы буһан баран киэһээтин тириилэрэ чулку курдук сараланан уһуллар буолар этэ.
Ити туус-маҥан тирии кельтскэй тиипкэ майгынныыр. Маннык тириилээх дьон күнтэн куруутун харыстаныахтаахтар. Кинилэр күн уотугар хараарар дьоҕурдара суох, күүстээх күнтэн “умайан” хаалаллар. Биир чинчийии көрдөрбүтүнэн, Танзания уонна Нигерия курдук сылаас дойдуларга төрөөбүт альбиностар (пигментацията суох дьон) 30 саастарын ситэллэригэр 80% тирии искэнинэн ыалдьаллар эбит.
Тирии көрүҥүн араарар чинчийиилэр Европа учуонайдарынан ыытыллыбыт буоланнар, азиаттар тириилэрин тиибин чуолкай араарар чахчылар суохтар. Ол да буоллар, биири чопчу өйдүүбүт — сырдык тириилээх киһи куруутун күн уотуттан харыстаныах тустаах.
Тирии күнтэн умайан сүлүллэн түһэрэ дьиҥнээх оһоллонууга киирсэр, быраас тылынан эттэххэ, бу 2‑с таһымнаах уокка сиэтии көрүҥэ. Эмискэ эт-сиин элбэх килиэккэтэ өлөрө ыарыылааҕын ааһан, кэнники улахан ыарыылары көбүтүөн сөп.
Хайдах харыстанабыт?
Оччоҕуна хайдах буолабыт, сөтүөлүүр уу кытылыгар күҥҥэ сыппаппыт дуо аны? Соҕуруу дойдуларга сөтүөлүүр сир хайаан даҕаны зонтигынан хаххаламмыт сытар сирдээх буолар. Ити дойдуларга күн уота кутталлааҕын уруккуттан билэллэр. Дэлэҕэ, Кытай, Таиланд уо. д.а. сылаас дойдулар олохтоохторо мэлдьи сэлээппэлээх, мааскалаах сылдьыахтара дуо? Аны туран сөтүө кэнниттэн хараарыы өссө биир кутталлаах — уу таммахтара тириигэ быыкаайык улаатыннарар таас курдук буолаллар, онно күн уота хас да төгүл күүһүрэн быһа сиир. Онон — күн ортото сөтүөлээбэппит, ууттан тахсан баран кураанах гына соттон баран күлүк сиргэ сытабыт. Доруобуйаҕа туһалаах күҥҥэ сытан хараарыы ити курдук буолар. Аны туран, SPF лосьоннары, маастары туһанары үгэс оҥостор ордук. Оттуу, дьэдьэннии, хаптаҕастыы барарга күнтэн харыстыыр мааһынан туһаннаххытына, ордук туһалаах буолуо.
Сорох дьон этиэҕэ, “өбүгэлэрбит сырылас күнтэн саспакка, киһи-хара буолан кэлбиттэрэ, биһиги даҕаны тулуһар инибит”. Өбүгэлэрбит элбэх кыһалҕаны көрсөн, эрэйи-муҥу көрсөн олороохтообуттара, онтон сылтаан үгүстэрин үйэтэ бэрт кылгас этэ. Билигин аныгы кэм биэрэр өҥөлөрүн туһанан, 60–70 сааспытыгар тиийэ оҕонньор-эмээхсин ааттаммат үтүө олоххо кэллибит. Онон, саҥа билиилэргэ болҕомтобутун ууран, харыстана сылдьыаҕыҥ, өр олоруоҕуҥ!
Ааптар: Егор Карпов, Саха сирэ саайт
This post was published on 13.06.2024 11:03 11:03