Күн-дьыл туруга: идэһэ эрдэ, муҥха кутталлаах

Кэлиҥҥи кэмҥэ күн-дьыл уларыйан, сиргэ-дойдуга оҥорор дьайыыта харахха быраҕыллар буолла. Аҥардас ааспыт нэдиэлэҕэ түспүт ардах даҕаны ону туоһулуур.


Дьокуускай куоракка билигин ханна да хайыс, муус килэйэн суол халтыраан. Ону хата кумаҕынан ыһан киһи да, тиэхиньикэ да син сылдьар кыахтанна. Бу алтынньы 17 күнүгэр түспүт ардах содула.

Күнү дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр хотугулуу-арҕааттан итии салгын сис былыты аҕалан ардаҕы түһэрбит.

«Маннык көстүү олус сэдэх. Дьокуускайга салгын күнүс +2 кыраадыска тиийэ сылыйа сылдьыбыта бэлиэтэннэ. Бу дьыл туругун орто көрдөрүүтүттэн сэттэ кыраадыс кэриҥэ үрдүк», — диэн СӨ күнү-дьылы уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Вячеслав Шехиров кэпсээтэ.

Онтон билгэһит Тускул этэринэн, алтынньы ортотугар ардаабыта, кэнники 10 сыл иһигэр сир-дойду икки кыраадыс сылыйбытыттан төрүөттээх. Ол эрээри соһуйар-өмүрэр онно суох, бу хатыланар хартыына эбит.

Бу күннэргэ халлаан сыыйа тымныйар, күнүһүн -6-7 кыраадыс, түүнүн -10-11 кыраадыска тиийэ тоҥоруо. Ол эрээри сэтинньи маҥнайгы күннэригэр эмиэ сылыйыы күүтүллэр. Холобур Бүлүү бөлөх улуустарыгар уонна Өлүөхүмэҕэ күнүс +3-4 кыраадыска тиийэ сылыйыа.

Онон идэһэ эрдэ, муҥха кутталлаах. Ол эрээри хоромньу өссө дириҥ суолталаах буолуон сөп. Халлаан сылыйыытыттан сылтаан суол-иис халтараана эрэ буолбакка, ордук сыспай сиэллээҕи тутар дьон дьаахханан эрэллэр. Иллэрээ сыл эмиэ сылгыга уустук дьыл ааһан, үгүс хаһаайыстыба оҕустарбыта.

«Быйыл уустук кыстык буолаары гынна. Сылгыбыт да ырыан сөп, убаһабыт да эрдэ аһылыкка киириэн сөп. Оччотугар сүөһү уонна сылгы аһылыгар былааннамматар ороскуот тахсар», — диэн Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын чинчийэр научнай институт дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Леонид Владимиров кэпсээтэ.

Источник: НВК САХА

This post was published on 22.10.2019 17:14 17:14