"Көмүс түгэн" ырыа күрэһэр горнайдар күннээтилэр

Хаартыска: Үлэ күүһэ хаһыат

Ахсынньы 17 күнүгэр ааптар-мелодист Милена Борисова ырыаларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көмүс түгэн» ырыа күрэһэ буолла.

Бэрдьигэстээҕи сынньалаҥ киинин оҕолорго солистара Анатолина, Эдита I степеннээх, Сандал III степеннээх лауреат уонна Санаайа Ефставьева Гран-При аатын ыланнар, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Салайааччы Саяна Александроваҕа «Бастыҥ салайааччы» номинацияны биэрдилэр.

Оҕолорбутугар өссө да элбэх ситиһиини баҕарыаҕыҥ, диэн суруйдулар горнайдар @silatrudagorny телеграм-ханаалга.

This post was published on 18.12.2023 11:26 11:26