"Күүлэт" кэпэрэтиип үлэһиттэрэ оҕолорун илдьэ сайылыкка көһөллөр

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ тэриллиилээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалара сүөһүлэрин илдьэ сайылыкка көстүлэр. Оҕо-аймах эмиэ тахсыhар. Бүлүү улууһун I-кы Күүлэт кэпэрэтиибэ биир бастыҥ үлэлээх, үгүстэргэ холобур буолар.


Бүлүү улууһун “I-кы Күүлэт” кэпэрэтиибин үлэһиттэрэ бу күннэргэ бөһүөлэктэн 15 км тэйиччи сытар Чачаҥда сайылыкка көһөөрү үөрүүлээх түбүккэ  сылдьаллар.

«Бу кэми саамай биһиги оҕолорбут кэтэһэллэр, — диэн кэпэрэтиип салайааччыта Елена Тутукарова кэпсиир. — Сайылык дьиэлэрэ көөбүл хаттыгастаах хаптаһын истиэнэлээҕэ, салапаан түннүктэрдээҕэ. Оннук табыллыбат диэн, бастакы дьиэни дьоммунан мас кэртэрэн, сорох матырыйаалын “Байылыат” маҕаһыынтан ылларан, 2014 с. туттарбытым. Эһиилигэр – икки дьиэни, ол кэнниттэн үстүүнү туттаран, күн бүгүн сайылыкпытыгар былаастык түннүктээх 10 дьиэлээхпит. Икки убаһаны кытта харчынан төлөспүппүт. Бастааҥылары олох сууйан-сотон, киир да олор гына бэлэмнээбиппит.  Мотопомпа олордон, сайыҥҥы уу турбатын тардан, дьон абыранна — үүнээйи олордор, тэпилииссэлээхтэр. Ону таһынан кэпэрэтиип үлэһиттэрин, холобур, ыанньыксыттары, тырахтарыыстары сылаас аһынан хааччыйарга анаан, бааһынабытыгар хортуоппуй үүннэрэбит. Бөһүөлэккэ баар сүөһү көрөөччүлэр дьиэлэригэр аһыыр сир оҥорбуппут. Сүөһү көрөөччү дьиэтин 2015 сыллаахха киллэрбиппит. Аныгылыы түннүктээх, сылаас муосталаах, дуустаах. Оттон сайылык оҕолоругар анаан тупсаҕай оонньуур балаһаакка тутаммыт, оҕо-аймах үөрэ-көтө сайылыыр».
Оҕолор төрөппүттэрин кытары сайылыкка олорон тыа сирин үлэтин үөрүйэҕин ылаллар, сүөһүнү көрөргө илии-атах, көмө буолан сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар. Үлэҕэ-хамнаска кыра эрдэхтэриттэн сысталлар, утуму салгыыллар. Онон сайылык бэйэтэ сөптөөх лааҕыр, диэн суруйар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

This post was published on 04.06.2020 14:01 14:01