Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, Дьокуускай куорат федеральнай суута куорат 32 саастаах олохтооҕор бириигэбэр таһаарда.
Суут быһаарбытынан, сыл анараа өттүгэр, ол эбэтэр, 2015 сыл от ыйын 3 күнүгэр, бу киһи Птицефабрика оройуонугар бэлэсипиэтинэн айаннаан иһэн, суолга биир кыыһы көрөн, соруйан түҥнэри көппүт. Кыыс охтубутугар, баттаҕыттан тардан, быһаҕынан куттаан туран, дьон суох сиригэр, ойуурга илдьэн күүһүнэн «сылдьыһар» дьайыылары оҥорбут уонна күүһүлээбит.
Кыыс эрэйдээх быыһанар быатыгар, бөрөстүүпүнньүгү албыннаан, мүлчү туттаран, куоппут. Уонна көмө көрдөөн, туох иэдээҥҥэ түбэспитин билэр киһитигэр тиийэн эппитин, ол киһи полицияҕа тыллаабыт.
Икки ый устатыгар бу ыар буруйу арыйыы кыаллыбатах. Күүһүлээһиҥҥэ уорбаланааччы быраабы араҥаччылыыр уорганнартан куота-саһа сылдьыбыт — куорат араас оройуоннарын быраҕыллыбыт дьиэлэригэр кирийбит. Ол да буоллар, ааспыт күһүн суһал-ирдиир тэрээһиннэр кэмнэригэр тутуллубут.
Эмсэҕэлээбит кыыс кинини билбитин үрдүнэн, уорбаланааччы хайа тутуллуоҕуттан суут уурааҕа тахсыар диэри буруйун ончу билиммэтэх. Ити буруйу оҥорууга ханан да сыһыана суоҕун араас биэрсийэлэри этэн куотуна сатаабыт, онтон көрдөрүү биэрэртэн букатын да аккаастаммыт.
Ол эрэн, оҥорбут буруйа толору дакаастанан, суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 131-с ыст. 2-с чааһын «б» пуунунан, 132-с ыст. 2-с чааһын «б» пуунунан буруйдааҕынан билинэн, 14 сылга уопсай режимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга, онно эбии 1 сыл 6 ыйга көҥүлүн хааччахтыырга уурбут.
This post was published on 14.07.2016 15:39 15:39