Дьокуускайтан ырааҕа суох Шестаковка үрэххэ баар быһыт айылҕаны харыстыыр сокуону тутуспакка оҥоһуллубут. Ити түмүгэр Покровскайдыыр суол эҥэр баар даачалар, «Канада дэриэбинэтэ” сааскы халаан кэмигэр ууга былдьанар кутталлаахтар. Ити туһунан СИА-ҕа айылҕа харыстабылын кэмитиэтин госинспиэктэрэ Мария Мигалкина эттэ.
Уу сыһыаннаһыыларыгар департамент үлэһиттэрэ ити быһыты тутууга сайаапка киирбэтэҕин, тутууну көҥүллүүр докумуоннар суохтарын этэллэр. Биллэрэ диэн, 2- ГРЭС эбийиэгэ тутулла турар.
«Кылгас болдьох иһигэр сокуоннайа суохтук тутуллубут быһыты суох оҥоруохтаахпыт. Халаан кэмигэр быһыт элбэх ууну мунньуон сөп, ити биллэн турар чугастааҕы сиргэ-уокка кутталы үөскэтэр», — диэтэ Мария Мигалкина.
Инспиэктэр этэринэн, тус идэлээх дьон бэрэбиэркэлии сылдьаллар. Туппут дьон административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара.
This post was published on 04.04.2016 16:37 16:37