Көҥүлэ суох сиргэ массыынаны сууйар дьону ыстарааптыахтара

Сайын кэлэн, өрүстэргэ, күөллэргэ сөтүөлээччилэр элбээн эрэллэр. Ону тэҥэ, кытылга массыыналарын сууйар дьон эмиэ бааллар. Бу күннэргэ Саха сиринээҕи айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ көҥүлэ суох сиргэ массыыналарын сууйааччылары тутар рейдэлэри сөргүттэ.


Массыынаны көҥүллэммит анал сиргэ сууйуллуохтаах. Өрүс, күөл кытылыгар сууйар бобуллар. Тоҕо диэтэххэ, экологияны киртитэр бэнсиин, уматык тобохторо, химиичэскэй сууйар убаҕастар, араас кир-хох ууга түһэр. Ону тэҥэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олбуордарыгар сууйар эмиэ көҥүллэммэт.

Айылҕа харыстабылын кэмитиэтин үлэһиттэрэ күн аайы өрүс, күөллэр кытылларын кэрийэллэр да, сууйааччы ахсаана аҕыйаабат. Ордук ардах түспүтүн кэннэ, куйаас күҥҥэ элбииллэр.

Кистэл суох, Дьокуускайга массыына ахсаана элбии турар. Ол иһин кэнники кэмҥэ массыынаны анал сууйар сирдэр тиийбэттэр. Эбии массыыналаахтар сууйан биэрии өҥөтүн иһин харчы төлүөхтэрин баҕарбаттар. Ол эрээри, айылҕаны, тулалыыр эйгэни киртитэллэрин өйдүөх тустаахтар.

Ыстараап суумата төһөнүй?

Күөл, үрэх, өрүс кытылыгар массыыналарын сууйа турар дьоҥҥо – 500-1000 солкуобай, дуоһунастаах дьоҥҥо – 1-2 тыһыынча солкуобай, юридическэй сирэйдэргэ – 10-20 тыһыынча солкуобай. Бу ыстараап РФ Административнай быраабы кэһии кодексын (КОАП) 8.13 ыстатыйатынан көрүллэр.

This post was published on 27.06.2017 15:19 15:19