Көҥүлэ суох мууска тахсыы иһин 1 мөл солк ыстарааптаныахха сөп

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

Саха сиригэр халлаан сылыйан муус суоллар сабыллаллар. Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, эппиэттээх сирэйдэринэн рейдэлэр уонна патруллааһыннар өрүстэргэ буолаллар.

Көҥүлэ суох мууска тахсыбыт суоппары ыстараап күүтэр. Биирдиилээн дьоҥҥо — 3 — 5 тыһ солк, дуоһунастаах сирэйгэ — 20 — 50 тыһ солк, тэрилтэҕэ – 100 тыһ — 1 мөл солк диэри.

Санаттахха, ааспыт өрөбүллэргэ тырааныспар бары көрүҥэр Дьокуускай — Аллара Бэстээх, Кангаласс – Суотту хайысхаларынан муус суолунан айан бобуллубута.

This post was published on 18.04.2023 14:01 14:01