Көҥүлэ суох муус суолунан айаннаабыт суоппардар тутулуннулар

28 уонна 29 саастаах эр дьон бэйэлэрин тус массыыналарынан дьону харчыга сокуоннайа суох муус суолунан таһан тутулуннулар.

Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысханан айанныырга көҥүлэ суох муус суолунан дьону тус массыыналарынан тиэйэн испит суоппардар тутулуннулар. Ол туһунан СИА-ҕа Россия ИДьМ Уһук Илиҥҥэ тырааныспарга управлениета иһитиннэрдэ.

Суоппардар бэйэлэрин дьайыыларынан дьон олоҕор кутталы үөскэттилэр. Өрүс сөптөөх кээмэйгэ дылы тоҥо илигинэн, техника муус анныгар барыан, онтон сылтаан салон иһигэр олорон иһэр дьон олоҕо быстыан сөптөөх. Холуобунай дьыала тэрилиннэ — РФ ХК 238 ыстатыйата. Силиэстийэ барар.

This post was published on 05.12.2022 14:01 14:01