Көҥүлэ суох мууһунан сырыы иһин ыстарааптыахтарын син

Мууһунан сырыыны тустаах биэдэмистибэ көҥүллүөн иннинэ, айан кытаанахтык бобуллар. Ыйааҕы кэһии иһин ыстараап көрүллэр. Бу туһунан Саха сирин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр санаталлар.

«Мууһунан тэрээһиннээх туорааһын арылла илигинэ ким даҕаны куттала суох сырыыны мэктиэлиир кыаҕа суоҕун өйдүөхтээххит, муус халыҥа өрүс устата тус туһунан, сорох сиринэн чараас буолуон син», — диэн биэдэмистибэ сэрэтэр.

Көҥүлэ суох мууһунан сырыы иһин ыстараап кээмэйэ:

Көннөрү дьоҥҥо — 3-тэн 5 тыһыынчаҕа диэри;

Дуоһунастаах дьоҥҥо -20-тэн 50 тыһыынча солкуобайга диэри;

юридическай сирэйдэргэ — 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри буолуон син.

Санатан эттэххэ, Саха сиригэр мууһунан суоллар ахсынньы 1 күнүттэн саҕалаан арыллыахтара. Ыйыллыбыт болдьох күн-дьыл усулуобуйатыттан көрөн уларыйыан сөп.

This post was published on 15.11.2023 17:49 17:49