Наро-Фоминскайга алтынньы 15 күнүгэр көҥүл тустууга Россия чемпионата стартыыр. Киирсиилэр онлайн киэбинэн көрдөрүллүөхтэрэ. Маны сэргэ быйылгы күрэхтэһиигэ кыттааччы ахсааныгар хааччахтааһыннары киллэрдилэр. Ол иһин дойду сүрүн көбүөрүгэр Саха сириттэн 10 тустуук ыҥырылынна, СИА суруйар.
Урукку өттүгэр маннык чемпионакка Саха сириттэн 20 — 30 спортсмен кыттар буоллаҕына, быйыл пандемиянан сибээстээн, регионнарга хааччахтааһыннар киллэрилиннилэр. Хас биирдии ыйааһыҥҥа 16-лыы эрэ тустуук киирсэр. Онон турнирга 160 эрэ бөҕөс кыттар быраабы ылла. Бары коронавируска анаалыс туттараллар.
Саха сирин Арыйан Тютрин, Айаал Белолюбский, Петр Константинов, Петр Копылов, Алексей Копылов, Георгий Окороков, Ньургун Александров, Дмитрий Аксенов, Петр Павлов, Виктор Рассадин көмүскүөхтэрэ. Биир бэрэстэбиитэл, үс тренер кыттара көҥүллэнэр.
Күрэхтэһии Наро-Фоминскайга Москва уобалаһыгар алтынньы 15 — 19 күннэригэр буолуоҕа.
Бырагырааманы кытта сиһилии манна билсиҥ https://ysia.ru/desyat-yakutyan-vyzvany-na-chempionat-rossii-po-volnoj-borbe/