Тустууга аан дойдутааҕы холбоһук чемпионаты Бедград куоракка ахсынньы 12 — 20 күннэригэр ыытыллар былаанын сөпсөстө. Тэрилтэ президиэнэ Ненад Лалович Саҥа дьылга диэри норуоттар икки ардыларынааҕы тустуу төннүөх курдугун иһитиннэрдэ, СИА суруйар.
«Биһиги сэрэхтээхтик да буоллар, ахсынньыга тустуу буоларыгар эрэллээхпит. Спортсменнарбыт, тренердэр уонна персонал доруобуйаларын туругар куттал суоһаабатыгар кыһаллабыт, онон Белградка күрэхтэһии буоларыгар бары миэрэни тутуһабыт», — диэтэ Ненад Лалович UWW пресс-сулууспатыгар.
Санаттахха, ахсынньы 15 күнүгэр Подмосковьеҕа Росссия чемпионата стартыыр, сыала-соруга аан дойду таһымыгар хамаанданы тутуу. Улахан көбүөргэ саха тустууктара кыттыахтарын сөп.
This post was published on 14.10.2020 14:01 14:01