Көҥүл тахса илигинэ мууһунан айаннаабыттарга ыстыраап көрүллэр

Мууһунан айаны көҥүллүү иликтэринэ, тиэхиньикэнэн сырыы бобуллар. Маныаха, мууһунан айаннааччылар суорума суолланар кутталлаахтар диэн Саха сирин суол хаһаайыстыбатыгар уонна тырааныспарга министиэристибэтигэр санаттылар.

«Тустаах биэдэмистибэ мууһунан суолу оҥорон айаҥҥа көҥүлү биэриэн иннинэ муус халыҥа куттала суох буолуутун ким да мэктиэлиир кыаҕа суох», — диэн биэдэмистибэҕэ бэлиэтээтилэр.

Көҥүл тахса илигинэ мууһунан айаннаабыт Саха сирин олохтоохторугар 3-тэн 5 тыһыынча солк., дуоһунастаах дьоҥҥо 20-тэн 50 тыһыынча солк. диэри, тэрилтэлэргэ 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр.

Санатан эттэххэ, алтынньы 17 күнүттэн Өлүөнэ өрүс мууһа туран саҕалаабыта.

This post was published on 19.10.2023 16:23 16:23