Уһулуччулаах общественнай-судаарыстыбаннай деятель, сырдатааччы В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Уус-Алдаҥҥа оскуола үөрэнээччилэригэр, чуолаан уолаттарга, араатардар куонкурустара буолла. Бу туһунан бырайыак ааптара Елена Сыроватская иһитиннэрдэ.
«Куонкурус Бороҕоҥҥо «Өркөн» оҕо айымньытын дьиэтигэр ыытылынна. Манна аҕыс оскуолаттан 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, уопсайа 17 уол кытынна. Күрэстэһээччилэр Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин, ытык киһи саха норуотугар оҥорбут үтүөлэрин, кини аатын үйэтитиигэ ананар үлэлэри сырдаттылар, дакылаат аахтылар. Тэрээһини оҕону эбии үөрэхтээһин Киинэ, Дүпсүн оскуолата, улуустааҕы библиотека, улуус историятын музейа тэрийдилэр. Уолаттар өйдөрүн-санааларын сытыылаан, тылларын-өстөрүн сааһылаан, ох курдук оҥостон кэлбиттэрэ күрэстэһиини сытыырхатта. Бииртэн-биир бэртээхэй дакылааты истэ олорон кэнчээри ыччаппыт билиитэ хайдахтаах курдук дириҥээн, үүнэн-сайдан иһэриттэн улаханнык үөрдүбүт, долгуйдубут», — диэтэ Елена Николаевна.
Тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттарга Күлүмнүүр үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын сырдатар бэртээхэй быыстапка тэриллибит. Ол кэннэ салҕаммыт сүрүн чааһы Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ литературнай монтаһынан (сал. Людмила, Николай Бурнашевтар) аспыттар. Салгыы Николай Литвинцев «Күлүмнүүр, күлүмнээ!» пьесатынан туруоруллубут испэктээкилгэ Күлүмнүүр оруолун толорбут Андрей Федоров кыттыыта болҕомтону тардыбыт. Эрдэттэн сэрэйиллибитин курдук, дакылаат ааҕыыта улахан долгутуулаахтык ааспыт.
Түмүккэ, Саха-Бельгийскай гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ Вася Яковлев (сал. Валентина Бурнашева) кыайыылааҕынан тахсыбыт. Вася Дүпсүн нэһилиэгин баһылыга Ивамар Соловьевтан планшет сертификатын туппут. I степеннээх дипломунан эмиэ бу гимназия 10 кылааһыгар үөрэнэр Сережа Нафанаилов (сал. Михаил Пухов), II степеннээх дипломунан Владик Бурцев (Чараҥ, 9 кылаас. Сал. Екатерина Лебедкина), III ст. дипломунан Артем Бурнашев (СБГ, 7 кыл. Сал. Саргылаана Протодьяконова) наҕараадаламмыттар. «Кэскиллээх араатар» диэн бырайыак ааптарын анал бирииһин Дүпсүн орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Дима Румянцев (сал.Ольга Неустроева) туппут.
This post was published on 04.03.2016 17:43 17:43