Суруналыыстыка эйгэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ “Киин куорат” хаһыат кылаабынай эрэдээктэригэр Ушницкай Иван Петровичка туттарылынна.
Национальнай бэчээт күнүгэр саха литературатын, тыйаатырын, бэчээтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, учуонай, суруйааччы уонна сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома, бэчээт эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьону эҕэрдэлээһин буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Василий Никифоров-Күлүмнүүр аймахтара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, бэчээт үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр кыттыыны ыллылар диэн, edersaas.ru суруйар.
Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ от ыйын 1 күнүгэр былырыыҥҥыттан саҥа бэлиэтэнэр. Бу күн 1907 сыллаахха “Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай хаһыат күн сирин көрбүтэ. Сахалыы хаһыат тахсарыгар оччотооҕу кэм интеллигенциятын лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кинини кытта биир санаалаахтар Всеволод Ионов, Михаил Сабунаев, Николай Афанасьев, Афанасий Уваровскай, Петр Кушнарев уонна да атыттар өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Ол курдук кинилэр көҕүлээһиннэринэн уонна быһаччы кыттыыларынан саха тылынан типография шрибэ оҥоһуллубута, сөптөөх тэрил атыылаһыллыбыта. Онон кэнники “Саха олоҕо”, “Саха саҥата” хаһыаттар тахсалларыгар суол аһыллыбыта.
Ил Дархан бүгүн национальнай бэчээт салаатыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо махталын биллэрдэ итиэннэ инникитин да өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бэчээт сайдарыгар эрэнэрин эттэ. Кини кыраайы үөрэтэр оҕо литературатын сайыннарыыга Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Ил Дархан бириэмийэтин быраас идэлээх Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнигэр Валентин Егоровка туттарда.
This post was published on 01.07.2021 17:35 17:35