Күлүмнүүр аата Санкт-Петербурга эргиллиэ

Быйыл ыам ыйыгар ХIХ-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиибит. Тэрийэр хамыыһыйа салайааччыта, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков: «Күлүмнүүр аатын үйэтитэр тэрээһиннэр сыл устата Саха сиригэр эрэ буолбакка, Санкт-Петербурга, Москваҕа, Нижнэй Новгородка буолуохтара», — диэтэ.


Кулун тутар 2 күнүгэр Александр Жирков Санкт-Петербурга «Бродячая собака» диэн ааттаах арт-кулууп дириэктэрэ Евгения Аристованы кытары көрүстэ. Бу кулууп Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатын кытта быһаччы сибээстээх.

«Бродячая собака» арт-кулууп Санкт-Петербург куоракка өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ, 1911 с. тэриллибит, номоххо киирбит култуурунай киининэн биллэр. Ааспыт сүүрбэһис үйэ саҥатыгар Россия култууратыгар «Үрүҥ көмүс үйэ» диэн ааттанар бэлиэ кэм литератордара, аристократтара сөбүлээн түмсэр сирдэрэ этэ. Кулууп Михайловскай болуоссакка, Санкт-Петербург историческай киинигэр 1911 с. ахсынньы 31 күнүттэн 1915 с. кулун тутар 3 күнүгэр диэри үлэлээбитэ. Төрүттээччилэринэн суруйааччы А.Н.Толстой, худуоһунньуктар М.В.Добужинскай, С.Ю.Судейкин, архитектор И.А.Фомин, театральнай режиссер Борис Пронин уо.д.а. буолбуттара.

Аан дойду маҥнайгы сэриитин саҕана кулууп сабыллыбыта, аата умнулла быһыытыйбыта эрээри, суолтата ыалдьыттар ахтыыларыгар, айымньыларыгар үйэтитиллибитэ.

2001 с. кулуубу Санкт-Петербург Михайловскай театрын дириэктэрин солбуйааччы Владимир Склярскай көҕүлээһининэн, куорат интеллигенцията сөргүппүтэ. Билиҥҥи Санкт-Петербург биир култуурунай киинигэр кубулуйан эрэр дьоҕус кулуупка худуоһунньуктар быыстапкалара, айар киэһэлэр, спектакллар, концертар тиһигин быспакка ыытыллаллар.

В.В. Никифоров-Күлүмнүүр 1913 с. Россия империятыгар Романовтар династиялара ыраахтааҕылаабыта 300 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээһиҥҥэ Санкт-Петербурга тиийэ сылдьан,  бу историяҕа киирбит кулуупка бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыта. Ол курдук   быраас, литератор Александра Фаресова уонна биллиилээх адвокат, кэлин Керенскэй бырабыыталыстыбатыгар юстиция миниистирэ буола сылдьыбыт Александр Заруднай ыҥырыыларынан Күлүмнүүр «Бродячая собака» кулуупка тиийбит. Онно Санкт-Петербург интеллигенциятын иннигэр «Манчаары» диэн бэйэтин драматын нууччалыы ааҕан иһитиннэрбит. Истибит дьон айымньыны улаханнык биһирээбит.

Александр Жирков Евгения Аристоваҕа быйыл Василий Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сыла, Саха академическай театра тэриллибитэ 110 сыла, Күлүмнүүр «Манчаары» пьесата Саха театрын сценатыгар турбута 110 сыла бэлиэтэнэллэринэн, аны күһүн аналлаах тэрээһини бу кулуупка ыытар туһунан этии киллэрдэ.
Ону тэҥэ Александр Жирков ХХ үйэ саҕаланыытыгар «Бродячая собака» кулуупка сылдьыбыт улуу талааннар мэтириэттэрин галереятыгар Василий Никифоров мэтириэтин киллэттэрэр туһунан этии оҥордо. Бу этиилэр ылылыннахтарына, саха бастакы интеллигенциятын чулуу киһитин мөссүөнэ Санкт-Петербург култуурунай киинигэр Россия «Үрүҥ көмүс үйэтин» кэминээҕи биллиилээх дьонун кытта биир кэккэҕэ үйэтитиллиэ.

Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

This post was published on 04.03.2016 09:14 09:14