Быйыл кумаар аҕыйах, ол оннугар күлүмэн наһаалаабыт диэн социальнай ситимнэргэ суруйаллар, дьон кэпсиир. Хайдах сүөһүнү, сылгыны харыстыахха сөбүн бэтэринээр сүбэтигэр ааҕыҥ.
Күлүмэн (нууччалыыта слепень) — икки кынаттаахтар аймахтарыгар киирэр бөдөҥ сахсырҕалар кэргэннэрэ. Ойуурга, истиэптэргэ, кумах куйаардарга баар буолаллар. Үксүн өрүс, үрэх, күөл кытылларыгар сөбүлээн үөскүүллэр. Аан дойдуга 200 ууска киирэр 4400 кэриҥэ күлүмэн көрүҥэ баара ойууламмыт. Урукку Сэбиэскэй Сойуус иһинэн 200-чэ көрүҥ баара ааҕыллыбыт. Былыргы күлүмэннэри олигоцен саҕанааҕы хаһыылартан саҕалаан булаллар. Маннык диэн Бикипиэдьийэ суруйар.
Күлүмэн дьиэ сүөһүтүгэр олус сэрэхтээх дииллэр. Сынньанар да утуйар да бокуойу биэрбэттэр, онтон сылтаан сүөһү ыарытыйар, ырар диэн суруйаллар. Оннооҕор өлбүт да түгэннэрэ бэлиэтэммит. Күлүмэнтэн сылтаан сатаан мэччийбэт ыанар ынах үүтэ аҕыйыан сөп.
Экспертэр суоттаан көрбүттэринэн, күлүмэннээх дьылга үүт 15%, сүөһү ыйааһына 35% түһэр. Суоттаан көрүҥ, өскөтүн үүт туттарыытыттан харчылаһан олорор хаһаайыстыба ороскуотун.
Эбиитин күлүмэн ыарыыны тарҕатыан сөп эбит (анаплазмоз, анемия, туляремия курдук ыарыылары).
Ветеринар Алексей Кириллин сүбэтэ: Кумаар, бырдах, күлүмэн утары, профилактика быһыытынан, циперилы туттуохха сөп. 1 л ууга 1 млг циперилы буккуйан, суурадаһын оҥорон баран ынахха, сылгыга ыһыахха сөп.
This post was published on 29.06.2021 17:01 17:01