Быйыл күһүн «Бичик» кинигэ кыһата тэрийбит «Ааҕар Саха сирэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы фестиваль кэмигэр сэмэй бэйэлээхтик көрөр-истэр, номоҕон сирэйдээх кыыс-дьахтар чугаһаан кэллэ. Наһаа үчүгэйдик көрөн кэбиспитигэр уруккуттан билсэр дьоннуу кэпсэтэн киирэн бардыбыт. Ол кэнниттэн кини аал уоту санатар кыһыл өҥнөөх, дьикти ааттаах «Налык» диэн кинигэтин автографтаан бэлэхтээтэ.
Кэпсэтэн билсибиппит кини Үөһээ Дьааҥыга олорор Лариса Николаевна Попова – Көҥүл Кыыс диэн эбит. Атыы-эргиэн салаатыгар үлэлиирин да иһин, үс сылтан бэттэх бэйэтэ да билбэтинэн хоһооннору, кэпсээннэри, сэһэннэри суруйар абылаҥҥа ылларбыт.
Мин кини туттардыын-хаптардыын, таҥастыын-саптыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин туох эрэ уратылааҕын сэҥээрэ уонна сонурҕуу көрдүм. Эбиитин кини псевдонима уонна кинигэтин аата ааҕааччыны тута интэриэһиргэтэр, тыла-өһө туох эрэ уратылаах, бэл иччилээх буолуохтааҕын бүтэйдии сэрэйэҕин. Бу кинигэҕэ туох туһунан суруллубутун түргэнник ааҕа охсуоххун, хоһуун дьонноох хоту дойду олоҕор-дьаһаҕар кыттыһыаххын баҕараҕын.
Атыттарга маарынныахпын баҕарбаппын
Арассыыйа суруйааччыта. П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун кинигэ аан тылыгар: «Л.Попова-Көҥүл Кыыс хоһоонноругар олоҕу уратытык көрөргө, туспа буочардаах буоларга дьулуһар. «Налык» сэһэнигэр ойуун уол төрөөһүнүн, улаатыытын, киһи буолуутун ойуулуур. Маҥнай бэчээттэнэр киһи диэтэххэ, ааптар тылы-өһү балачча хомоҕойдук туттар», – диэн суруйбут.
Онтон драматург, суруйааччы Баһылай Харысхал сэһэн иннигэр: «Ааптар тылы-өһү, чуолаан Дьааҥы сахаларын саҥатын айылҕаны ойуулууругар, дьон майгытын-сигилитин көрдөрөрүгэр олус хомоҕойдук, кэмигэр туттара сэһэни улаханнык тупсарар. Айылҕаттан айдарыылаах оҕо киһи хайдах сайдан, ойуун, отоһут буолбутун ойуулаабыта итэҕэл, отоһуттааһын сиэрин-туомун ымпыктаан-чымпыктаан билэрэ сөхтөрөр», – диэн ааптар маҥнайгы сэһэниттэн куорсун анньынан, төрөөбүт Дьааҥытын туруук таас хайаларын үрдүнэн кыырайа көтөрүгэр алгыс тылларын анаабыт.
Арай биирдэ уол оҕо төрөөбүтэ…
Лариса Попова Адыаччыга Алыһардаах диэн сиргэ күн сирин көрөн баран, 5 сааһыттан Табалаах с. олорор уонна үлэлиир. Билигин кини – биэс оҕо эйэҕэс ийэтэ, уонча сиэн иһирэх эбэтэ. Эргиэн эйгэтигэр кэтэх тэрилтэлээх. Орто омурҕаммар тиийдим диэн ороһуйан хаалбакка, Дьокуускайга Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар «этнокультурнай киин салайааччыта» идэҕэ кэтэхтэн үөрэнэр.
Суруйар эйгэҕэ хайдах кэлбитин ахтарыгар атыыһыт идэлээх аҕата Николай Афанасьевич Попов улуус хаһыаттарыгар суруйарын үтүктэн, бастакы хоһоонун барыларыттан кистээн эмиэ улуус хаһыатыгар ыыппытын туһунан кэпсиир.
Лариса 8-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, учууталлара көҥүл тиэмэҕэ кэпсээн суруйтарбыт. Сотору кэминэн Ларисаны учууталлар кабинеттарыгар ыҥырбыттар. Кыыс «Туох буоллаҕай, туох да буруйу оҥорботох этим» диэн куттана-куттана учууталлар кабинеттарын боруогун симиктик атыллаан киирэн кэлбит. Онуоха учууталлара: «Бу кэпсээҥҥин хантан ылан суруйдуҥ, ким эйиэхэ манныгы кэпсээбитэй?» – диэн дьиибэргээн баран, аны хайҕыыртан соло буолбатахтар. Кыыс куттана-куттана: «Өйтөн суруйдум», – диэн хардарбыт.
– Маҕаһыыммар табаар ыла барарбар-кэлэрбэр наар массыынанан айанныыбын. Суол да уһун, сылаалаах. Ол сылдьан өйбөр туох көтөн түспүтүн уруучука ылан сурунар буолан барбытым. Хайдах эрэ, үөһэттэн ким эрэ сибигинэйэрин, этэрин курдук киирэн кэлэр этэ.
Арай биирдэ орто дойдуга биир уол оҕо төрүүрүн туһунан 5-6 лиискэ суруйан кэбистим. Бэйэм да соһуйдум. Ол суруйбутум өйбүттэн олох тахсыбат, бэйэм суруйбут уолум эйгэтигэр тиийэ охсуохпун баҕарабын. Сарсыарда 5 чааска туран, атах сыгынньах тиэргэммэр тахсабын, күммүн көрөбүн уонна киирэн салгыы суруйан барабын. Салгыы тугу суруйуохтаахпын улаханнык толкуйдаабаппын, дьоруойдарым туох ханнык дьылҕаланыахтарын оҥорон көрбөппүн. Хайдах эрэ бэйэтэ силбэһэн тахсан хаалар буолбута, – диэн Лариса «Налык» диэн сэһэнин хайдах суруйбутун сэһэргиир.
«Иччилээх тыл хотоҕостуу субуллар,
Сөҥмүт санаалары күҥҥэ таһаарар,
Ыанньыйбыт ынахтыы ыата турар,
Уйгулаах быйаҥныы угуттуу кутар.
Тоһуттар муустуу тоҥ тыллар
Көхсүбэр уулла тохтоллор,
Сүрэхпэр иитиллэр ил тыллар,
Ылҕанан эйиэхэ ананаллар».
Лариса Попова суруйууларын дьоно-сэргэтэ, суруйааччылар сэҥээрэннэр, айар үлэҕэ утаппыттыы «умса түспүтэ». Кэпсээннэрэ, сэһэнэ «Чолбон» сурунаалга, «Тоҕус тоҥус» диэн остуоруйата «Кэскил» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ.
Суруйааччы Анатолий Старостин—Сиэн Кынат: «Поэзияҕа да, прозаҕа да тэҥинэн тыыппалаах эбиккин. Эн айан буолбакка, бэйэҥ сүрэххинэн, дууһаҕынан аһарбыккын суруйар буолаҥҥын, ааҕааччыга тиийимтиэ эбиттэр», – диэбитигэр Лариса кынаттаммыт кэриэтэ санаммыта.
Лариса дьикти киһи. Кимиэхэ да маарынныы, кими да үтүктэ сатаабат. Ол иһин, атын дьон кинигэлэрин, айымньыларын эккирэтэ сылдьан аахпат. Бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьарын, чуҥкунуур чуумпуну батыһарын, тапталлаах айылҕатыгар баран көҥүл ыллаан да, үҥкүүлээн да ыларын сөбүлүүр.
— Кинигэлэрин бэлэхтээбит дьон хомойботуннар. Атын дьон кинигэлэрин аахтахпына, бэйэм да билбэппинэн, кинилэри үтүктүөм, батыһыам турдаҕа. Кимиэхэ да маарыннаабакка, бэйэм айылҕам тугу биэрбитинэн суруйарым миэхэ быдан ордук. Күҥҥэ иккитэ тыаҕа баран соҕотоҕун дьаарбайан, иһийбит чуумпуну кытары кэпсэтэн, санааларбын сааһыланан кэлиэхпин сөп. Хоһооммор эппиппинии, ууттан уоскулаҥ ылабын. Хоһоон алыба соҕотох оҥорор, күн киһитэ атыҥырыы көрөр туругар киирэбин.
Быйыл сир ылан улахан уолбунаан балаҕан уонна балаҕаным аттыгар икки ураһаны туттубут. Куоракка кэлэн, ол тэлгэһэбин ахтан аҥарым эрэ хаалла. Сарсыарда таһырдьа таҕыстым да, халлааны хантайан көрөбүн, харахпын симтим да Дьааҥым айылҕата бу баардыы көстөн кэлэр…
Оҕо эрдэхпиттэн көҥүллүк иитиллибитим. Санааларым, дьайыыларын эмиэ кимтэн да тутулуга суох көҥүл буолалларын сөбүлүүбүн. Кырдьыгы киһини утары көрөн туран уот харахха этэбин, эттэхпинэ эрэ уоскуйабын. Ону сорохтор сөбүлээбэттэр.
«Ардыгар дьону сөҕөбүн
Кырдьыктан куота тэйэрин,
Ууттан кураанах тахсарын,
Уокка киирэн биэрэрин.
Өйдөөбөппүн дуу… мин…»
*****
Лариса «Көҥүл Кыыс» диэн псевдонима көҥүл санаалаах киһи буоларын кэрэһилиир.
Көҥүл Кыыс хоһоонноругар олохтоох ааптардар Евдокия Гаврильева-Кырсаада, Герасим Старостин, Александр Иванов, Петр Новиков-Дьүкээбил, Люция Слепцова-Айыллаана, Марианна Максимова уо.д.а. матыып айан, ырыа гынан көтүттүлэр. Көҥүл Кыыс ырыалара «Виктория» араадьыйаҕа көҥүллүк көттүлэр. Онуоха Лариса соторутааҕыта дойдутугар Дьааҥыга кинигэтин сүрэхтэниитигэр биир дойдулаахтарын алгыс тыллара сур соноҕос буолан көттөхтөрө.
«Мин чахчы билэбин иннибин,
Күүс санаа көҥүлэ киһибин,
Олоҕум тымтыга сандаарыа,
Тулабын сырдата уматыа».
This post was published on 27.10.2016 10:20 10:20