Күүкэйгэ үтүө санаалаахтар муһуннулар

Сунтаар улууһун Күүкэйигэр «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн үтүө санаа аахсыйата ыытылынна. Тэрээһини түмэл үлэһитэ М.В. Николаева уонна «Кустук» пресс-киинэ көҕүлээн ыыттылар.


Аахсыйа Самсоновтар педагогическай династияларын түмэлигэр буолла. Күүкэйгэ үөрэхтээһин сайдарыгар олук уурбут Самсоновтар төрүттэрэ үс үйэ тухары нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр тирэх буолан олорбуттара биллэр. Тэрээһин кинилэр үтүө холобурдарыгар, билиҥҥи кэмҥэ олохтоохтор бэйэ-бэйэни өйдөһөн-өйөһөн олороллоругар туһуланна.

Нэһилиэк ытык кырдьаҕастара М.В. Львова, А.Н. Жиркова, Е.А. Каратаева аахсыйаҕа сылаас илиилэринэн баайбыт, тикпит таҥастарын аҕалан кыттыстылар уонна эдэр хаһаайкаларга бириэмэни таба туһанан чугас дьонноругар дьыл кэмигэр сөп түбэһиннэрэн, таҥаһы-сабы бэйэлэрэ тигэллэригэр сүбэ-ама биэрдилэр. Кыргыттары иискэ үөрэтэр учуутал Р.Д. Евсеева күһүҥҥү кэмҥэ оҕуруот аһыттан элбэх араас аһы сатабыллаахтык астаан хаһаанар туһунан кэпсээтэ.

Кутанаттан А.В. Харитонов «1000 мелочей» маҕаһыына сэмэй көмө анаата. Биирдиилээн нэһилиэк дьоно олоххо-дьаһахха олус туһалаах малы-салы, ас арааһын аҕалан, көҥүл көмөнү оҥордулар. Бу аахсыйаттан дьон-сэргэ «ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн өс хоһоону илэ чахчы билэн тарҕастылар. Биир дойдулаахтарбыт Клара уонна Никандр Тимофеевтар дьиэ кэргэттэрэ биэрбит сыаналаах сервизтэрин анал бэлэх быһыытынан элбэх оҕолоох Львовтарга туттарылынна.

This post was published on 01.11.2016 15:15 15:15