Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин Дьокуускайга 2026 сылга тэрийэргэ былаанныыллар.
Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев пресс-конференциятыгар эттэ.
«Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин тутуу наадалаах кэмэ кэллэ. Мин киини өссө 2024 сыл бүтүүтэ — 2025 сыл саҕаланыыта тутарга эппитим. Ити эрээри бырабыыталыстыба араас биричиинэнэн 2026 сылга тэрийэри көҥүллүүргэ көрдөһөр. Үүнэр сылга боппуруоһу көрүөхпүт уонна быһаарыы ылыахпыт. Киин уһун үйэлээх көхтөөх олохтоох дьоммутугар сөбүлүүр миэстэлэрэ буолуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 26.12.2024 18:08 18:08