Күөх үүнээйини сиир кэм буолла

“Саха оту сиэбэт” диэн этии баар. Ол эрээри аныгы үйэҕэ “оту-маһы” сиэтэххэ эрэ, доруобай буолар усулуобуйа үөскээтэ. Тоҕо диэтэр, былыргы курдук этинэн, үүтүнэн эрэ аһаан олорор кыах суох. Тулалыыр эйгэ киртийиитэ, ас-үөл хаачыстыбата мөлтөөһүнэ, хамсаммат буолуу, олорор усулуобуйа уларыйыыта, о.д.а. бу барыта киһи доруобуйатыгар охсор. Онон аспытын-үөлбүтүн көрүнэн, тоҕо, туохха туһалааҕын быһааран, “оту-маһы” да эбэн, наутральнай, хаачыстыбалаах бородуукталарынан аһыырга кыһаллыаҕыҥ.


Күөх үүнээйилэр аһыйыыны тохтотоллор

Сайын аан бастаан тыллар күөх үүнээйилэр олус туһалаахтар. Тоҕо диэтэр, бастакы сэбирдэхтэригэр үүнээйи кистэнэ сылдьыбыт күүһүн, олоххо традыһыытын, элбэх микроэлэмиэннэрин биэрэр. Бу күүһүнэн буору тобулан, күн күүһүн иҥэринэн, салгыы улаатар, үүнэр, ас кутар кыахтанар. Күөх үүнээйилэргэ С битэмиин, фолиевай кислота, кальций, фосфор, магний, тимир, о.д.а. элбэх буолар. Ону таһынан, күөх үүнээйилэр элбэх хлорофиллаах буолан, организмҥа аһыйыы хаамыытын, аһыыба-солох тэҥнэһиитин (кислотно-щелочной баланс) кэһиллиитин тохтотор кыахтаахтар. Холобур, тиэргэҥҥэ тэпсиллэ сылдьар ньээм-ньээм — солохтоох үүнээйилэр чөмпүйүөннэрэ.

Аһыыба-солох тэҥнэһиитэ кэһиллэн, эт-сиин аһыйан бардаҕына, ыарыы үөскүүр (искэҥҥэ тиийэ) усулуобуйата оҥоһуллар. Аһыыр аспыт үксэ (килиэп, эт, сыыр, бурдук ас, саахар, чэй, кофе, гаастаах утах, мокоруон, рис, о.д.а.) аһыы рН-көрдөрүүлээх буолан, эт-сиин аһыйар. Оттон оҕуруот аһа, фрукталар, үүнээйилэр солохтоох рН-көрдөрүүлээхтэр.

Төһөнөн элбэх солохтоох аһы аһыыбыт, ыраас ууну иһэбит да, бу тэҥнэһии кэһиллиитэ көнөн киирэн барар. Оттон сайын тыллар күөх үүнээйилэр саамай элбэх солохтоохтор. Саамай туһалаах кэмнэрэ – бу билигин, бэс ыйын саҥатыгар. Сэбирдэхтэрэ сымнаҕас, сүмэһиннээх, элбэх битэмииннээх, аһыы амтана суох буолаллар. Ол да иһин, нууччалар, атын да омуктар былыр-былыргыттан бу үүнээйилэри хото туһаналлар, сииллэр эбит.

«Сныть» от

Ханнык оттору сиэххэ сөбүй?

Салаакка туттуллар күөх үүнээйилэр – ньээм-ньээм (одуванчик), кииһилэ (щавель), бохсурҕан (подорожник), ытырыык от (крапива), “ревень”, “лебеда”, “сныть”, “медуница”, “примула”, о.д.а. Ону тэҥэ, оҕуруокка үүнэр сүбүөкүлэ, моркуоп, эриэппэ, редискэ, горох күөх уктарын үргээн, салаакка эбэн сиэххэ сөп. Балартан өссө кэтилиэттэри, варениктары, бэрэскилэри, миини, хааһыны оҥороллор. Кииһилэҕэ каротин, дубильнай бэссэстибэлэр, аһыыба (щавелевая кислота) элбэх. Бу аһыыба куртахтара ыалдьар, ис уорганнарыгар иһиилээх, бүөрдэригэр таастаах дьоҥҥо көҥүллэммэт эрээри, бэс ыйыгар, саҥа үүнэр кэмигэр кииһилэҕэ аһыыбата аҕыйах буолар. Маныыһыт суумкатын (пастушья сумка) Арменияҕа “сыырдаах килиэп” диэн ааттыыллар. Элбэх калийдаах, холиннаах. Салаакка, соркуойга, мииҥҥэ кутан сииллэр.

А, Д, В битэмиининэн баай ытырыык оту (крапива) мииҥҥэ, салаакка куталлар, кэтилиэт оҥороллор. Бэссэстибэлэр атастаһыыларын түргэтэтэр, сүрэх-тымыр үлэтин тупсарар, анемияҕа үчүгэй. Бу оттор аһыы амтаннаах, кытаанах соҕус буоллахтарына, чаас аҥаарын кэриҥэ туустаах ууга сытыаран, сымнаталлар. Ол кэнниттэн оҕурсуну, биэрэһи, сымыыты, сүөгэйи, чесногу, грецкэй эриэхэни кытары булкуйдахха, аһыы амтан сүтэр.

Ботвинья миин

Миини борщ курдук буһаран баран, бүтэһигэр сүбүөкүлэ, моркуоп уктарын, атын да сиэниллэр оттору уган буһараҕыт. Онтон лимон суогун, саахары эбэн, аһыытыҥы-минньигэс амтаны биэрэҕит. Бу миини сайын тымныылыы иһэр ордук.

Эккэ аналлаах тума

Сүөгэйгэ кинзаны, сүбүөкүлэ угун, грецкэй эриэхэни, чесногу кырбаан кутуҥ, тууһу, биэрэһи эбиҥ, булкуйуҥ. Буспут эти чараас гына кырбаан баран, тэриэлкэҕэ ууран, үрдүгэр тума кутан, хаппахтаан баран, халадыынньыкка хоннордоххо, бэртээхэй сокууска бэлэм. Маны тэҥэ, сүбүөкүлэ, моркуоп угун салаат туматыгар туһаныахха сөп: чөчөгөйү, лимон суогун кытары блендэргэ эрийтэрэн, битэмииннээх күөх туманы оҥороҕут.

Ытырыык оттон пюре-миин

Ытырыык от (крапива) саҥа тахсыбыт сэбирдэхтэрин (300 гр.) сууйаҕыт. 3-4 хортуосканы кырбаан баран, 1,2 лиитирэ оргуйа турар ууга уган, 15 мүнүүтэ буһараҕыт. Туустуугут, лавр сэбирдэхтэрин угаҕыт. Хобордооххо 1 моркуобу, 2 эриэппэ луугу кырбаан, ыһаарылыыгыт уонна хортуоскаҕа кутаҕыт. Эбии 5 мүнүүтэ барытын буһараҕыт. Ытырыык оту, укробу кырбаан, мииҥҥэ кутан баран, эбии 3 мүнүүтэ буһараҕыт. Уотун арааран баран, пюре буолуор диэри блендеринэн эрийтэрэҕит. Бу кэнниттэн төттөрү билиитэҕэ ууран, оргуйуор диэри туруораҕыт. Битэмииннээх пюре-миини тэриэлкэҕэ кутан баран, сүөгэйи эбэн биэрэҕит.

Күөх салаат

Ньээм-ньээм сэбирдэҕэ аһыы буолбатын туһугар, сибэккилэниэн иннинэ хомуйуллар. Оччоҕо руккола курдук ураты амтаннаах буолар. Оҕуруокка үүнэр сибиэһэй шпинаты, петрушканы, базилигы, редискэни кытары ньээм-ньээм сэбирдэхтэрин, ытырыык оту булкуйан, салаат оҥоруохха сөп. Ытырыык от саҥа үүммүт сэбирдэхтэрин оргуйа турар уунан кутан баран, тымныы ууга угаҕыт, ыгаҕыт. Ньээм-ньээм сэбирдэхтэрэ аһыы буоллахтарына, туустаах ууга чаас аҥаара уган ылаҕыт. Туматын оҥорорго үүнээйи арыытын, лимон суогун, бальзамическай уксууһу, биэрэһи, тууһу булкуйаҕыт. Салааты тумалаан, мятанан, лимон өлүүскэтинэн киэргэтэн баран, тута остуолга уураҕыт.

Кииһилэлээх борщ

Куурусса 4 буутун, эбэтэр сибиинньэ ойоҕоһун ууга буһараҕыт, төбүрэҕин баһаҕыт. Чеснок өлүүскэтин, луугу аҥаардаан кутаҕыт, 30-40 мүнүүтэ оргутаҕыт. 4-5 орто хортуосканы кырбаан кутаҕыт. Этин хостоон, кырбаан, уҥуоҕун ылан баран, төттөрү мииҥҥэ кутаҕыт. 1 моркуобу, луугу арыыга ыһаарылаан баран, лавр сэбирдэҕин кытары мииҥҥэ кутаҕыт. 200 гр. кииһилэни кырбыыгыт. Ытырыык от саҥа үүммүт сэбирдэхтэрин оргуйа турар уунан саба кутан баран, кырбыыгыт. Хортуоска буспутун кэннэ, бүтэһигэр бу күөх оттору эбэҕит. 1-2 мүнүүтэ оргута түһэн баран, уотун арааран, хаппахтаан, 10-20 мүнүүтэ туруора түһэҕит. Тэриэлкэҕэ кутарга буспут сымыытынан, сүөгэйинэн, укробунан киэргэтиэххэ сөп.

Шпинаттаах рулет

200 гр. шпинаты, 100 гр. ытырыык оту, ньээм-ньээм сэбирдэхтэрин сууйан баран, 2 мүнүүтэҕэ оргуйа турар туустаах ууга, онтон тымныы ууга уган ылаҕыт, ыгаҕыт. 4 сымыыттан уоһаҕын араараҕыт. Блендергэ 4 уоһаҕы, күөх оттору, 2 ост.нь. “Филадельфия” сыыры, чеснок өлүүскэтин, 3 ост.нь. бурдугу кытары булкуйан, эрийтэрэҕит. Туустуугут, биэрэстиигит. 4 сымыыт үрүҥүн туспа иһиккэ күүгэннириэр диэри ытыйан баран, бу күөх тиэстэҕэ сэрэнэн кутаҕыт. 190 кыраадыска диэри итийбит духуопка боротумуонугар кумааҕы тэлгээн баран, тиэстэни 1,5 см халыҥнаах гына тэнитэҕит. 12-15 мүнүүтэ буһараҕыт. Буспутун кэннэ таһааран баран, тута итиилии рулет курдук быһыылаан эрийэҕит. 5-6 мүнүүтэ тура түһүөхтээх. Сойбутун кэннэ, тэнитэн баран, укроптаах “Филадельфия” сыыры (иэдьэгэйдиҥи быһыылаах, сымнаҕас сыыры) сыбыыгыт, тууһаммыт кыһыл балыгы (лосось, кета, горбуша) ууран баран, рулет курдук эрийэн кэбиһэҕит. Халадыынньыкка 1-2 чаас туруора түһэҕит. Сүбүөкүлэ угуттан кэтилиэт 200 гр. сүбүөкүлэ угун сууйан баран, кыра гына кырбыыгыт. 1 киилэ эт фаршыгар эриэппэ луугу, чесногу, 1 ост.н. киһи сиир отурбатын (эбэтэр, мааннай куруппаны) эбэн, туустаан баран, сүбүөкүлэ угун кутаҕыт. Бу фарштан кэтилиэттэри оҥорон, ыһаарылыыгыт, эбэтэр, тоҥороҕут. Ону тэҥэ, сүбүөкүлэ угуттан долма оҥоруохха сөп. Эт фаршыгар буспут риһи, ыһаарыламмыт моркуобу, луугу эбэн, туустаан, биэрэстээн баран, сүбүөкүлэ угун сэбирдэҕэр суулуугут. Хобордооххо итии бульону, томат паастатын кутан, хаппахтаан баран, мөлтөх уокка буһараҕыт. “Голубцы” курдук минньигэс, тотоойу, туһалаах бүлүүдэ бэлэм!

Источник: © edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/s-be-it-bes-yja-k-h-ottoru-siir-kem/

This post was published on 08.06.2021 17:01 17:01