Күөх лууктуу хаһан барыахха сөбүй?

Саха сирин олохтоохторо хайы-үйэ күөх луугу үргүү бардылар. Хаһан хомуйуохха сөбүн туһунан Дьокуускай ботаническай саадын дириэктэрэ Саргылана Борисова кэпсээтэ.

Саха сиригэр луук 9 көрүҥэ үүнэр. Килэбэчигэс луук киин уонна соҕуруулуу-арҕаа оройуоннарга үүнэр.

“Билигин күөх луугу хомуйарга саамай кэмэ. Сибэккилэннэҕинэ, үүнээйи кытаатар уонна амтана суох буолар,” – диир Саргылана Борисова.

Күөх луукка А, С, В битэмииннэр элбэхтэр. Инфекцияны кытта күүскэ охсуһар. Чугастыы Хатаска, Тулагыга уонна Күөх хонууга хомуйуохха сөп.

Вероника Аммосова.

This post was published on 07.06.2018 16:50 16:50