М кылаастаах күн эстиитэ салҕанан барар. Бээтинсэ сарсыарда сулуска өссө биир эстии буолла. Ол туһунан ИКИ РАН күн астрономиятын лабораторията иһитиннэрдэ.
«Бүтэһик эстии бүгүн 06:53 чааска буолла — таһыма M2.8 (күүстээх)», — лаборатория саайтыгар суруллар.
Атырдьах ыйын 3 күнүттэн саҕалаан, Күҥҥэ балтараа ыйдаах тохтобул кэнниттэн хас да М кылаастаах эстии буолла. Саамай күүстээҕэ М4.4 бааллаах.
This post was published on 08.08.2025 15:54 15:54