Учуонайдар сэтинньи 18 күнүгэр күҥҥэ аҕыс М кылаастаах күүстээх дэлби ыстаныыны бэлиэтээтилэр, ол туһунан ТАСС-ка прикладной геофизика института иһитиннэрдэ.
Бастакы күлүм гыныы Москва бириэмэтинэн 08:22 чааска буолла. «Рентген диапазонугар 14 мүнүүтэ уһуннаах M1.0 (S07E78) дэлби тэбии бэлиэтэннэ», — диэтилэр учуонайдар. Саамай күүстээҕэ — М3.7 Москва бириэмэтинэн 15:53 чааска буолбут.
Институт суруйарынан, аҕыстан сэттэтэ КВ-радиосибээскэ саахалы таһаарбыт.
Күн дэлби тэбиитэлэрэ күүстэринэн арахсаллар биэс кылааска: A, B, C, M уонна X. Саамай кыра A0.0.
Дэлби тэбии магнитнай буурҕаны оҥорон таһаарар.