Россия экономикатын улаатыыта нэһилиэнньэ дохуотун улаатыытыгар сабыдыаллыахтаах.
2023 сылга дойдуга экономика улаатыыта бэлиэтэнэр. Владимир Путин 2024 сыллааҕы туһаайыытыгар бэлиэтээбитинэн, 2030 сылга хамнас алын кээмэйэ икки төгүл үрдүөхтээх, ол эбэтэр 35 тыһ солк диэри.
Судаарыстыба баһылыга Россия сотору кэминэн аан дойду бөдөҥ экономикатыгар түөрт иһигэр киирэригэр эрэллээх. МРОТ улаатыыта хамнаска уонна босуобуйаҕа биллэрдик сабыдыаллыаҕа.
МРОТ 2023 сылга 16 242 солк. Тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ 18,5 бырыһыан индексацияланан, билигин 19 242 солк тэҥ.
This post was published on 01.03.2024 15:33 15:33