Өймөкөөҥҥө тымныы -60 кыраадыс бэлиэҕэ чугаһаата

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Өймөкөөн саамай тымныы оройо буоларын көрдөрдө.

Ахсынньы 5 күнүгэр манна Саха сиригэр саамай намыһах температура -57.

-53 температура Аммаҕа, Ытык Күөлгэ, Чурапчыга бэлиэтэннэ. Хабардино, Тёплай Ключ, Батамай -52 кыраадыс.

Биир-икки кыраадыһынан арыттаах Нам, Уус-Ньара, Үөһээ Бүлүү, Уус-Муома, Кириэс-Халдьаайы, Покровскай.

Дьокуускайга сарсыарда 6 чааска -49 кыраадыс.

This post was published on 05.12.2023 11:02 11:02