Өймөкөөн улууһуттан бүгүҥҥү күҥҥэ бэйэтин баҕатынан барбыт дьону кытта холбоон, 51 киһи байыаннай дьайыыга сылдьар.
Кинилэртэн мобилизацияҕа түбэһэн барааччы — 34 киһи. Байыаннай дьайыыга сылдьар дьон кэргэттэрэ, оҕолоро бары өйөбүлүнэн туһаналларын эттилэр. «Оҕолорбут аҕаларын ыйыттахтарына, «өр кэмнээх командировкаҕа сылдьалларп» диибит», — диэн этэллэр эдэр ийэлэр.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев улууска байыаннай дьайыыларга кытта сылдьар дьоҥҥо туох өйөбүл оҥоһулларын иһитиннэрдэ. Ол курдук, уһуйаан кырачааннара оҕо саадын төлөбүрдэриттэн босхоломмуттар, оскуола оҕолоро босхо аһыыллар. Бөһүөлэктэргэ уонна нэһилиэктэргэ урбаанньыттар байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноох ыалларга маҕаһыыннарга ас бородууктатын атыылаһарга босхо талон олохтообуттар. Бары култуурунай тэрээһиннэргэ босхо сылдьаллар.
Байыаннай сулууспалаахтар кэллэхтэринэ туох чэпчэтиинэн, көмөнөн туһаналларын интэриэһиргээтилэр. Ордук психологтар көмөлөһөллөрө буоллар дииллэр. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Раиса Садыкова: «Биһиги улууспутуттан төрүттээх хас биирдии байыаннай сулууспалааҕы барыларын болҕомтоҕо ылан олоробут, социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөрдөөхпүт, онон суукканы эргиччи сибээстэһэ олоробут«, — диэн бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Үлэ уонна социальнай харысхал демографияҕа уонна дьиэ кэргэҥҥэ дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччыта Сардаана Самсонова байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көрүллэр бары чэпчэтиилэри сиһилии быһааран биэрдэ.
Көрсүһүү кыттыылаахтара Ил Дархан Айсен Николаевка бары ыытыллар өйөбүллэри олоххо киллэриигэ кыһамньытын, болҕомтотун иһин истиҥ махталларын тиэртилэр
Елена Потоцкая, Саха сирэ