Өймөкөөнтөн кырдьаҕас суруга

Өймөкөөн улууһун Төрүт бөһүөлэгиттэн элбэх оҕолоох ийэ, сэрии оҕото, үлэ бэтэрээнэ Босикова Тамара Моисеевна суругун туттубут. Кини соторутааҕыта Дьокуускай куоракка кырдьаҕастар балыыһаларыгар киирэн эмтэммит. Гериатрическай киин үлэһиттэригэр кырдьаҕас киһи махталын биллэрбит.


Мин махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын бу балыыһа салайааччытыгар Горохова Зоя Прокопьевнаҕа. «Дьиэҕэ киирээт, хаһаайын хайдаҕын билэҕин» диэн былыргылар этэр буолаллара. Ол курдук бу балыыһа ырааһа, үлэһиттэрэ сайаҕастара, эмтэрэ дэлэйэ, туспа эмтиир үгэстээхтэрэ, астара үчүгэйэ! Дууһалыын астынным, ыарыыбын да умуннум.

Махтанабын миигин эмтээбит быраастарбар, сиэстэрэлэрбэр: Слепцова Сардаана Александровнаҕа, Кудрина Полина Ивановнаҕа, Габышева Татьянаҕа, Павлов Сергейгэ, Егорова Аннаҕа уонна да атыттарга.

Миигин кыра оҕо курдук сууннаран-тараан чэбдигирдибит дьоҥҥо: Цыпандина Марияҕа, Дегтярева Марияҕа, Тохмачева Аленаҕа махтанабын.

Кырдьаҕастарга ис сүрэхтэриттэн көмө-ама буолар дьоммутугар Өймөкөөн хайатынааҕар үрдүк ситиһиини, ыстаал доруобуйаны, бары үтүөнү.

This post was published on 18.02.2016 15:13 15:13