Өймөкөөн улууһун “Хотугу сардаҥа” хаһыата 25 сылын бэлиэтиир

Быйыл Өймөкөөн улууһун сахалыы тыллаах “Хотугу сардаҥа” хаһыата сахалыы тыыннанан, туспа бэчээт уоргана буолан тахсыбыта 25 үбүлүөйдээх сыла.


Уларыта тутуу саҕана 90-с сыллар саҥаларыгар национальнай кэнсиэпсийэ олоххо киириитин кэмигэр Төрүт нэһилиэгин олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи суруналыыс Сергей Егоров сүүрэн-көтөн “Хотугу сардаҥаны” Хаҥалас улууһун типографиятыгар таһаартарбыта.

Үбүлүөйдээх хаһыат сүрүн киэн туттуута, биллэн турар, уопсастыбаннай кэрэспэндьиэннэрэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ — Өймөкөөн нэһилиэгин убаастанар күтүөтэ, сис ыал аҕа баһылыга Прокопий Ксенофонтов. «Эдэр эрдэхпинэ дойдубар Үөһээ Бүлүү улууһун “Коммунизм сардаҥата” хаһыакка үлэлээбитим. Хаһыат ааҕыллымтыа буоларын иһин бастакы эрэдээктэрдиин Сэргэй Дьөгүөрэптиин туруулаһан үлэлээбиппит таах хаалбата. Өрөспүүбүлүкэ промышленнай улууһугар баара суоҕа үс тыһыынчаттан тахса саха уонна эбээн дьоно түөлбэлээн олорор тыа сирин нэһилиэктэрин ааҕааччыларыгар бу олус күүтүүлээх хаһыат», — диэн кини санаатын үллэстэр.

“Хотугу сардаҥа” норуоту кытта ыкса сибээстээх буолан, хас биирдии тыа сирин ыалыгар олохторун эрэллээх аргыһа.

This post was published on 02.08.2016 15:48 15:48