Өймөкөөн улууһугар түүлээх носорог уҥуоҕун булбуттар

Фото: ХИФУ

Өймөкөөн улууһугар хайа үлэтин кэмигэр былыргы түүлээх носорог уҥуоҕун булбуттар. Булумньу уратылаах эбит — эт ордуктаах. Ол туһунан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет (ХИФУ) пресс-сулууспата кэпсээтэ.

ХИФУ үлэһиттэрэ аҕыйах күннээҕитэ носорог булуллубут сириттэн төннүбүттэр. Онтон сэлии түмэлигэр анаан кыыл муоһун илдьэ кэлбиттэр. Сэлии түмэлин лабораториятын сэбиэдиссэйэ Максим Чепрасов этэринэр, бүтүннүү уҥуоҕу сиртэн бу күһүн оруохтаахтар.

Урут Саха сиригэр биэс эрэ маннык курдук түүлээх носорог кырамтата көстүбүттээх — Бүлүүгэ (1771), Үөһээ Дьааҥыга (1877), Халымаҕа (2007) уонна Абыйга (2014, 2020).

Аны билигин чинчийээччилэр Өймөкөөннөөҕү носорог сааһын уонна тыһы, атыыр буоларын быһаарыахтаахтар. Саха сирин устуоруйатын, былыргы айылҕатын уонна килиимэтин үөрэтигэ булумньу үгүс туһаны аҕалыа, оннук диэн ХИФУ ректора Анатолий Николаев тоҕоостоон эттэ.

This post was published on 06.08.2024 13:12 13:12