Өймөкөөн нэһилиэгиттэн 25 км тэйиччи сытар сиргэ Индигир өрүскэ үс киһилээх «Буран» снегоход муус анныгар түстэ.Бу туһунан сэтинньи 8 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.
Снегоходка 1956, 1980 уонна 1984 с. төрүөх үс эр киһи баара чуолкайданар. Быһылаан «Туостаах» диэн сиргэ буолла. Муус анныгар барбыт дьон өлүктэрин билигин да була иликтэр, прокуратураҕа чуолкайдаатылар.
Санатан эттэххэ, бу кэлиҥҥи ыйга иккиһин снегоходунан айаннаан иһэн ууга түстүлэр. Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр, алтынньы 28 күнүгэр, Үөһээ Халыма оройуонугар икки киһилээх снегоход түспүтэ. Биир киһи быыһаммыта, иккиис киһи өлүгэ көстө илик, водолазтар көрдүүллэр.