Өймөкөөн улууһугар чөл олоҕу тутуһар, тарҕатыһар, успуордунан утумнаахтык дьарыктанар ыччат дьонтон биирдэстэринэн Алексей Находкин буолар. Кини туһунан СИА-ҕа кэпсиибит.
“Чөл олоҕу тутуһан успуордунан дьарыктанан, сырдык санаа саҕыллан, норуоппут үгэһин харыстыаҕыҥ. Сахабыт сирин, төрөөбүт дойдубутун сайыннаран, чэчирэтэн иһиэҕиҥ”, — диэн биир саастыылаахтарыгар, ыччакка баҕа санаатын тиэрдэр үс оҕо амарах аҕата, нэһилиэк актыбыыһа, чөл олоҕу өрө тутааччы, Өймөкөөн олохтооҕо Алексей Находкин.
Алексей Александрович Уус Алдантан төрүттээх, гидро-метео-наблюдатель идэлээх киһини аҕыйах сыллааҕыта Үчүгэй нэһилиэгэр анаан үлэлэтэ ыыппыттара. Бу сылдьан Дьокуускай куоракка үөрэнэн, үһүс разрядтаах сварщик идэтин баһылаан, билигин Үчүгэйдээҕи “Теплоэнергосервис” филиалыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Эдэр киһи бэйэтин олоҕун успуорду кытта ыкса сибээстиир. Кини кэпсииринэн, Үчүгэй нэһилиэгин спортивнай саалата куруутун толору буолар, ыччат сүрүннээн волейбол, футбол оонньуур, саха национальнай успуордун араас көрүҥнэринэн дьарыктанар. Алексей кэлиҥҥи кэмҥэ компакт-спортиҥҥа утумнаахтык ылыста. Улуус, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар араас күрэхтэһиилэргэ оройуон хамаандатыгар киирсэн кыттар.
Матырыйаалы сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Ааптар: Мария ЕГОРОВА, биһиги корр.
Хаартыскалар А. Находкин дьиэтээҕи архыыбыттан.
This post was published on 20.09.2019 12:02 12:02