Бүгүн Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр Илин Сибииргэ аатырбыт чинчийээччи, геолог уонна географ, ССРС Наукаларын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Сергей Обручев 125 сааһыгар аналлаах үс күннээх тэрээһин саҕаланна.
Суолталлаах тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салайааччыта Алексей Дьячковскай кыттыыны ылар. Сергей Обручевка Өймөкөөн улууһун олохтоохторо төрөөбүт дойдуларын Тымныы полюһунан аатырдыбытын иһин барҕа махталлаахтар. Ол иһин учуонай 125сыллаах үбүлүөйүн Арассыыйатааҕы таһымнаах тэрийдилэр.
Бүгүн сарсыарда Санкт-Петербургтан учуонай төрөппүт кыыһа, хайа минеральнай-сырьевой национальнай университетын ыстаарсай преподавателэ Татьяна Обручева, Москваттан Нуучча географическай уопсастыбатын регионнааҕы департаменын салайааччыта Александр Хацкевич, Санкт-Петербургтан Сергей Обручев үтүө аатын үйэтитэр тэрээһиннэри сүрүннээччи Екатерина Абросимова, ону тэҥэ аатырбыт учуонай туһунан документальнай киинэни устар суруналыыстар уонна научнай кэмпириэнсийэҕэ кыттар учуонайдар бөлөхтөрө Сергей Обручев туруорбут астрономическай остуолбатын көрдүлэр. Салгыы «Тымныы полюһа 72 кыраадыс тымныы» диэн аатырбыт обелиск аттыгар Өймөкөөн улууһун дьаһалтата сакаастаан оҥотторбут пааматынньык-бюһун үөрүүлээх быһыыга-майгыга астылар. Күүтүүлээх ыалдьыттары Тымныы полюһун Чысхаана бэйэтинэн көрсөн, Эбэ Хайатын анныгар баар муус оҥоһуктардаах резиденциятыгар сырытыннарда.
Бүгүн күнү быһа Томтор нэһилиэгэр «Көмүс Күрүө» туристическай этнокомплекска турар Санта Клаус резиденциятыгар Дьокуускайтан, Санкт-Петербургтан уонна Москваттан кэлбит отучча учуонай кыттыылаах научнай кэмпириэнсийэҕэ Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө туһуламмыт дакылааттары дьүүллэһиэхтэрэ.
This post was published on 23.09.2016 14:52 14:52