Өймөкөөн тымныытын билиэн-көрүөн баҕалаах араас омук дьоно бу ытык-мааны сиргэ куруук тоҕуоруһа мусталлар. Омук туристара сүрүннээн чысхаан тымныыга Өйүмүгэ сөтүөлүүр эбит буоллахтарына, Швецияттан сылдьар Baumann Patrik уонна Франция олохтооҕо Boulard Severine Anne бу күннэргэ Тымныы полюһугар кэлэн дьоллорун холбоотулар. Саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык буолбут.
«Сатал-тур» фирма нөҥүө омук туристарын арыаллыы сылдьар туроператор Василий Сивцев кэпсииринэн, Boulard Severine Anne хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар чысхаан тымныыны көрүөн олус баҕарар эбит. Ол иһин доҕорун тылыгар киллэрэн, саамай тымныы кэмҥэ Өймөкөөҥҥө кэлбиттэр. Baumann Patrik, таптыыр дьахтарын көрдөһүүтүн быһа гыммакка, Өймөкөөнү көрдөрө аҕалбыт уонна… ыал буоларга этии көтөҕөөрү бриллианнаах биһилэҕин илдьэ кэлбит.
Өймөкөөҥҥө кэлээт, киэһээҥи аһылыктарын кэннэ туристар аатырбыт Тымныы оҕуһун көрө диэн экскурсиялыы барбыттар. Тымныы Оҕус стелатын аттыгар туран эдэр киһи доҕоругар тапталга билиммит уонна ыал буолар биһилэҕин бэлэхтээбит.
— Арыаллыы сылдьар дьонум сүрдээх романтичнайдар эбит. Сарсыныгар Томторго Чысхаан айар дьиэтин көрө тиийбиппит. Арай киирэр аантан саҕалаан, биһигини сахалыы сиэринэн-туомунан көрүстүлэр. Туристарым соһуйан хааллылар, — диэн кэпсиир Василий Сивцев.
Быйылгы сыл саҥатыттан Томтор нэһилиэгэр Чысхаан айар дьиэтэ аһыллан үлэлээн эрэр. Өймөкөөн нэһилиэгэр баар аан дойдуга аатырбыт, Саха сиригэр Тымныы символын бренд оҥорбут Тымныы оҕуһун стелатын көрөөрү үгүс турист Томтору быһа түһэн Өймөкөөҥҥө айанныыр этэ. Ол эрээри Чысхаан Муус резиденцията, Санта Клаус Дьиэтэ, улуус историятын уонна ГУЛАГ лааҕырдарын мусуойдара, АлСиб салгынынан трассатын аэропорда курдук туристическай эбийиэктэр баар буолан, туристар Томторго болҕомтолорун эмиэ уурар буоллулар. Онон быйылгыттан ыла Өймөкөөҥҥө туристары көрсөр предприниматель Тамара Васильева Томтор нэһилиэгин предпринимателлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээн эрэр. Кини кэлбит туристары Томторго аадырыстаан ыытар буолан, олохтоохтор ыалдьыттарын ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн көрсөллөр. Baumann Patrik уонна Boulard Severine Anne дьоллоругар, Томтордооҕу кулууп иһинэн үлэлиир Евдокия Аммосова салайар «Куйаар дьүрүлгэнэ» фольклорнай бөлөх Чысхаан айар дьиэтин үлэһиттэрин кытта сүбэлэһэн баран, саха норуотун ыалдьыттары көрсөр сиэрин-туомун толордулар.
— Киирэр аантан саҕалаан чуораан тыаһатан, дэйбииринэн ыраастаан, Эбэ хайатыгар үүнэр боҕуруоскай отунан буруолатан ыалдьыттарбытыгар «ыраастаныы» сиэрин-туомун ыыттыбыт. Онтон көмүлүөк оһоҕу оттон, уоту аһатыы сиэрин-туомун Харитоновтар дьиэ кэргэттэрэ оҥордулар. Алгыс түспүтүн кэннэ ыалдьыттарбытыгар баҕа санааларын этиттэрэн, салама ыйаттыбыт. Сахабыт маанылаах аһынан — саламаатынан, кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээтибит. Ол кэннэ сиэри-туому түмүктээри оһуохайдаан эрдэхпитинэ, Baumann Patrik ытаан соһутта. «Бырастыы гыныҥ, биһиги эһигиттэн манныгы эрэ күүппэтэхпит. Наһаа да истиҥ, ыраас дьон эбиккит. Тылгыт-өскүт барыта ис дууһаттан тахсара, киһини долгутара дууһабыт кылын таарыйда. Биһиги тус олохпутугар бэрт улахан тэрээһин буолла. Бэҕэһээ Тымныы полюһугар Өймөкөөҥҥө кэлэн ыал буоллубут. Онтон бүгүн олохпут ол бэлиэ түгэнин сахалыы сиэринэн-туомунан бигэргэттибит. Ол иһин Patrik олуһун долгуйда. Биллэн турар, бу түгэн олохпут саамай умнуллубат өйдөбүлүнэн буолуоҕа»,— диэн Boulard Severine Anne доҕоро долгуйуутун быһааран биэрдэ. Онон омук туристарын көрсүүнү саха сиэрин-туомун тутуһан ыытыыбыт бастакы олуга икки өттүттэн — ыалдьыттарга да, биһиэхэ да олус долгутуулаах буолла, — диэн кэпсиир Чысхаан айар дьиэтин үлэтин сүрүннүүр салайааччы Айталина Окоемова.
Baumann Patrik Өймөкөөҥҥө кэлбиччэ, Өйүмүгэ сөтүөлээн барда. Кини саха норуотун сиэринэн-туомунан арчыланан, Өймөкөөн сиригэр таптыыр дьахтарын кэргэн кэпсэтэн — баҕа санаатын барытын толордо.