«Берёзовское» хааһынай тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Васильевич Колесов Өймөкөөн улууһуттан 183 тугут табаны аґалла. Өймөкөөнтөн Орто Халыма куоракка диэри суол-иис мөлтөх буолан, 1700 км ыраах сири 4 массыынанан нэдиэлэни быһа айаннаан кэллилэр.
«Үчүгэй» уонна «Геркун» ыстаадатыгар тугуттары хараалга эрдэ бэлэмнээбит буолан, үлэ-хамнас тэтимнээхтик барда. Аһылыктара эмиэ эрдэ бэлэмнэммитэ. Ол курдук, айан устата тугуттар чыс кутуйах, от, сэбирдэх аһылыктаммыттар. Ол гынан баран аара айаҥҥа астаах-үөллээх массыына алдьанан, кэккэ кыһалҕаны көрсүбүттэр.
Сылгыһыттартан от, уу көрдөһөн аһаппыттар. «Тугуттар туруктара олус мөлтөөтө. Уһун айаҥҥа 192 тугуттан 9 тугут өллө. Оттон атыттар Берёзовкаґа диэри тулуйуохтара диэн эрэллээхпит. Тугуттар биир ый устата карантиҥҥа туруохтара», — диэтэ Алексей Колесов.
Салгыы тугуттар Берёзовка нэһилиэгэр айаннаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Берёзовка нэһилиэгин 2 ыстаадатыгар уопсайа 1600 таба кыстаан турар. Ону таһынан, Иккис Мээтис нэһилиэгэр 17 таба иитиллэр. Тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын кылаабынай специалиһа Мария Шарина: «Өймөкөөнтөн аҕалыллан иһэр табалартан буур табаны хаан уларытар сыаллаах бааһынай хаһаайыстыбанан дьарыктанар Алексей Тырылгин хаан уларытар сыаллаах илтэ», — диэтэ.
This post was published on 06.04.2016 10:22 10:22