Өймөкөөн оройуонун баһылыгын суут саалатыгар босхолоотулар

Өрөбүлгэ Дьокуускай куорат суута Өймөкөөн оройуонун баһылыгын хаайарга көрдөһүүнү ылыммата. Өймөкөөн улууһун баһылыгын Иннокентий Сивцевы ураты улахан кээмэйдээх харчыны сиэһиҥҥэ уорбалыыллар.

Суут муус устар 9 күнүгэр процесс кыттыылаахтарын этиилэрин истэн, киирбит матырыйааллары үөрэтэн баран Сивцевы хаайарга көрдөһүүнү ылыммата. Эр киһини суут саалатыгар босхолоотулар.

Өймөкөөн улууһун баһылыгын «Буруйдаах бэйэтэ эбэтэр бөлөҕүнэн, эппиэтинэһигэр бэриллибит атын киһи баайын-дуолун иҥэриниигэ эбэтэр уорууга» диэн,  РФ ХК 4 ч. 160 ыст. буруйдууллар.

Иннокентий Сивцев Өймөкөөн оройуонун баһылыгынан 2019 сыл ахсынньытыгар талыллыбыта.

This post was published on 10.04.2023 11:01 11:01