Өймөкөөн оройуонугар ууттан 22 тиэргэн босхолонно, ол иһигэр түөрт олорор дьиэ, ЫБММ регионнааҕы управлениета иһитиннэрдэ.
Өймөкөөн, Муома, Абый улуустарыгар барыта 396 тиэргэн ууга олорор, ол иһигэр 90 олорор дьиэ, онно 368 киһи, ол иһигэр 94 оҕо баар.
Өймөкөөн оройуонугар:
с. Өймөкөөн — 179 тиэргэн, ол иһигэр 87 олорор дьиэ;
с. Томтор – 100 тиэргэн, ол иһигэр 2 олорор дьиэ;
с. Куйдуһун – 14 тиэргэн;
с. Орто-Балаҕан — 32 тиэргэн.
Муома оройуона:
с. Хонуу — 26 тиэргэн;
с. Буор Сыһыы – 27 тиэргэн;
с. Соболоох – 2 тиэргэн.
Абый оройуона:
с. Кэбэргэнэ — 16 тиэргэн, ол иһигэр биир олорор дьиэ.
Дьокуускайга доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уонна оҕолор аҕалылыннылар.
Хамыыһыйа үлэтэ салҕанар.
This post was published on 18.07.2025 11:02 11:02