Дойдуга төһө да кириисис ааҥнаатар, Өймөкөөҥҥө көмүс хостооһунун көрдөрүүтэ үрдүү турар.
Ааспыт сылга көмүс хостуур тэрилтэлэр 10 329 кг көмүһү хостоон, (былаан туолуута 106 % ) сэбиэскэй кэминээҕи кирбиигэ чугаһата сыстылар. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ көрдөрүү.
Улуус дьаһалтатын бырамыысалыннас отделын салайааччыта Евгений Кривошапкин бэлиэтииринэн, инники күөҥҥэ «Поиск Золото» ХЭУо (сал. А.В. Каздобин) уонна «Янтарь» көмүс хостуур тэрилтэлэри бөлөхтүүр хампаанньа (сал. А.М. Карась) сылдьаллар.
«Саха сирэ» хаһыаттан.
This post was published on 25.03.2016 12:22 12:22