Ил Дархан Айсен Николаев б.дь. кулун тутар 12 күнүгэр тахсыбыт саҥардыллыбыт ыйааҕар өрөспүүбүлүүкэ экология өттүнэн этэҥҥэ буолуутун хааччыйарга туһуламмыт 2030 сылга диэри экология салаатыгар кэккэ соруктары туруорда.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ыйаахха айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныы, харыстааһын туһунан тосхол, нэһилиэнньэҕэ экологическай култуураны сайыннарыы боппуруостара эмиэ киирдилэр.
“Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһугар собону үөскэтии экология да, экэнэмиичэскэй сайдыы да өттүнэн, олус туһалаах. Ыраахтан аҕалбыт соболорун сыаната олус ыарахан. Онтон бэйэ күөллэригэр үөскээбит балык амтанныын да ураты минньигэс, сыаната да удамыр буоллаҕа”.
Ыйаах бу пуунугар сыһыаннаах үлэ – Өймөкөөн улууһун күөллэригэр собону үөскэтии бэрт олохтоохтук былааннанан тэриллэр. Үлэ бу хайысхатын туһунан Өймөкөөн улууһунааҕы судаарыстыбаннай экологическай надзор иниспиэксийэтин салайааччыта Виталий Кондакову кытта кэпсэттибит.
Үөскүүр усулуобуйаны үөрэтии
– Виталий Юрьевич, Тымныы полюһун күөллэригэр собону элбэтии үлэтэ хаһааҥҥыттан ыытылларый?
– 2013 сылтан өрөспүүбүлүкэ ихтиологтарын анаан ыҥыран, улуус күөллэригэр собо үөскүүр усулуобуйатын үөрэттэрбиппит. Онно 25 күөлү үөрэтиини былааннаабыппытыттан, 8-һа үөрэтиллибитэ. Хомойуох иһин, биһиги сылдьар кэммитигэр Бадараан учаастагыттан Өймөкөөн нэһилиэгэр диэри суола куһаҕан этэ уонна Куйдуһун муостата алдьанан турар буолан, Сордоҥноох нэһилиэгэр баар күөллэргэ сырыыбыт кыаллыбатаҕа.
Чурапчы Чуорайыттатыттан
– Күөллэри үөрэтии үлэтэ хайдах ыытыллыбытай?
– Уу састааба, күөл үүнээйитэ, көтөрө, уу аннынааҕы ньуур (рельеф) үөрэтиллибитэ. Ити былааннаах үлэ кэнниттэн “аҕыс күөлгэ собону ыытыахха сөп” диэн көҥүл ылбыппыт. 2014 сыллаахха Чурапчы улууһун Чуорайытта күөлүттэн бастакы ыы илик соболору аҕалбыппыт.
Саҕалааһыммыт табыллан, аны Чурапчы улууһун атын күөллэриттэн балыктары талбыппыт. Суола ырааҕа бэрт буолан уустуктардаах этэ. Балыктарбытын күөл чалахайыгар (водоросль) суулаан, мас дьааһыктарга аҕалбыппыт. Собо уута суох 24 чаас тулуйуон сөп. Инчэҕэй окко, сөрүүн кэмҥэ аҕалыахха наада.
“Өймөкөөннөр” – бөдөҥнөр
– Уонча сыллааҕыта улуус нэһилиэктэрин күөллэригэр ыытыллыбыт соболор номнуо элбээтэхтэрэ буолуо?
– Биллэн турар, Тымныы полюһугар үөскэтиллибит Чурапчы улууһун соболоро билигин “Өймөкөөн соболорунан” аатыраллар. Бастаан аҕалыллыбыт “төрөппүттэринээҕэр” үөскэтиллибит соболор кээмэйдэринэн быдан бөдөҥнөр.
Үчүгэй нэһилиэгэр олохтоохтор бэйэлэрин соболорун сииллэр.
2012 сыллаахха “улуус күөллэригэр собону ыытан үөскэппит киһи…” диэн этии киллэрбиппэр, оччолорго нэһилиэк дьокутааттара Павел Заболоцкай уонна Иван Карпов дьыала ситиһиилэниэҕэр итэҕэйбэтэхтэрэ.
Ол да буоллар, Бүөр күөлү чинчийэргэ анаан ыйан биэрбиттэрэ. Билигин нэһилиэк олохтоохторо Иван Карпов уонна Михаил Дмитриев нэһилиэктэрин күөллэригэр ыытан, олохтоохтор собо сиэн абыраннылар.
Собо Өймөкөөҥҥө эрэ суох
– Бу үлэни ыытарга үбүлээһин көрүллүбүтэ дуо?
– Собону атын күөллэргэ көһөрөн тарҕатыыга анал бырагыраама суох. Дьиктитэ баар, Өймөкөөн улууһугар эрэ собо суох. Атын улуустарга барытыгар собо үөскүүр. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар собону улуустарынан тарҕатыыга улахан былааннаах үлэ барбытын үтүө түмүгэр улуустар бары соболоммуттар. Холобура, Дьааҥы уонна Муома курдук хоту улуустарга собону Кэбээйи оройуонуттан бөртөлүөтүнэн аҕалбыттар. Оттон биһиги бэйэбит күүспүтүнэн Төрүт уонна Үчүгэй күөллэригэр Чурапчыттан тиэйэн аҕалбыппыт.
Ийэ айылҕаҕа хаҕыс сыһыан
– Онон улуус күөллэригэр “собо үөскүүрүгэр туох да кыһалҕа, уустук суох” диир буоллаҕыҥ…
– Хомойуох иһин, барыта биһиги баҕарбыппыт курдук эриэ-дэхси буолбатах. Ийэ айылҕа, экология туругун харыстаабат дьон син биир көстөллөр. Ол курдук, бэрт элбэх балыгы илимнээн ылар дьон бааллар. Ардыгар олус элбэҕи балыктаан баран, ордугун быраҕан сытытар түбэлтэлэрэ көстөөччү. Ийэ айылҕаҕа итинник хаҕыстык сыһыаннастахха, хайдахтаах да айылҕа харыстабылын үлэтин ыыт, ойуур, күөл, сир баайа кэхтэригэр, аҕыйыырыгар тиийэр. Ол иһин кэлиҥҥи кэмҥэ ханнык күөллэргэ собону ыыппыппытын эппэппит, кистиибит. Элбээтэҕинэ, бөдөҥөөтөҕүнэ, бултанарын көҥүллүөхпүт.
Бэйэ киэнэ – күндү
– Балыктааһын дьыл ханнык кэмигэр көҥүллэнэрий?
– Ыам ыйын 24 күнүттэн бэс ыйын 24 күнүгэр диэри – балык ыама. Онон бу кэмҥэ балыктааһын көҥүллэммэт. Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһугар собону үөскэтии экология да өттүнэн, экэнэмиичэскэй сайдыы да өттүнэн, олус туһалаах. От кэмигэр собо курдук амтаннаах ас олус наада. Атын балыгы сайыҥҥы кэмҥэ балыктыырга уустук. Олохтоох балыгы саас-күһүн эрэ тутаҕын. Ыраахтан аҕалбыт соболорун сыаната олус ыарахан. Онон бэйэ күөллэригэр үөскээбит балык амтаннанныын да ураты, сыаната да удамыр буоллаҕа.
… Ити курдук, айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныы, харыстааһын туһунан тосхолу, нэһилиэнньэҕэ экологическай култуураны сайыннарыы боппуруостарын Өймөкөөн улууһунааҕы судаарыстыбаннай экологическай надзор иниспиэксийэтэ утумнаахтык ыытар.
Хаартыскалар — Виталий Кондаков тус архыыбыттан.
Источник: Саха сирэ саайт, Елена Потоцкая
This post was published on 25.03.2024 10:29 10:29