23 Муус устар 23.04
  • $ 93,25
  • 99,36

Өймөкөөҥҥө ититии үлэтэ ыытыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өймөкөөн улууһугар былаан быһыытынан ититии үлэтэ ыытыллар. Быйыл Үчүгэй нэһилиэгэр хочуолунай ититэр тэрилин уларытан баран оскуоланы холбуур былааннаахтар. Оттон көһө сылдьар хамыыһыйа хас чааһынай дьиэни холбуохха сөбүн көрүөҕэ. Ол туһунан Өймөкөөн улууһун нэһилиэнньэтин иннигэр бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр бырамыысаланнас уонна экология миниистирэ Максим Терещенко иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтигэр Үчүгэйгэ сылааһынан хааччыйыы өттүгэр үлэ ыытылларын кэпсээтилэр. Былырыын хочуолу уларыппыттар, быйыл атын былааннаахтар. Тэрээһин чэрчитинэн оскуола эмиэ холбонуоҕа.

Чааһынай дьиэлэри ититиигэ холбооһун боппуруоһун быһаарыыга аныгыскы нэдиэлэҕэ Өймөкөөн оройуонугар энергосервис исписэлиистэрэ үлэлиэхтэрэ. Кинилэр Томтор, Хатыҥ Арыы, Үчүгэй уонна да атын нэһилиэнньэлээх пууннарга сылааһынан хааччыллыан сөптөөх объектарын көрүөхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА