«Нэһилиэнньэлээх пууннарга уу түһэр», – гражданскай оборона дьыалаларыгар миниистир Дмитрий Лепчиков эттэ.
Ууттан эмсэҕэлээбит улуустар суһал информацияларынан, икки улууска билигин 33 тиэргэн ууга олорор, ол иһигэр 21 олорор дьиэ: Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр — 18 тиэргэн (-52), ол иһигэр олорор дьиэ (-30), Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр — 15 тиэргэн, ол иһигэр 4 олорор дьиэ.
Бүгүн, от ыйын 21 күнүгэр, Өймөкөөҥҥө уонна Абыйга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайааччылаах оробуочай бөлөх үлэлиэҕэ. Бу рейсынан 3 туонна таһаҕа тириэрдиллэр, өрөспүүбүлүкэ материальнай саппааһыттан уонна Саха сирин уопсастыбаннай палаататыттан.
This post was published on 21.07.2025 11:08 11:08