Өймөкөөҥҥө Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһэ саҕаланна

Өймөкөөн улууһугар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр чуолкай информацияны ылар сыаллаах биэрэпис от ыйын 1 күнүттэн саҕаланна.


Сүрүн исписэлиис-эксперт Лариса Булгакова иһитиннэрбитинэн, бастаан оройуон киинэ бу дьаһалга хабыллыа. Бөһүөлэккэ атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри суруйуохтара, 188 объект көрдөрүүлэрэ киллэриллэрэ былааннанар.

Балаҕан ыйын 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри улуус атын нэһилиэктэригэр үлэлиэхтэрэ.

Улуус баһылыга Михаил Захаров олохтоохторго бу олус суолталаах тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. «10 сылга тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр туох уларыйыылар буолбуттарын биэрэпис көрдөрүө. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, предпринимателлэр, чааһынай хаһаайыстыбалар өрөспүүбүлүкэ агропромышленнай комплекса сайдыытыгар төһө кылааты киллэрбиттэрин билиэхпит. Ол түмүгүнэн судаарыстыба үлэ ыытыа. Онон бары биир киһи курдук кыттарбыт наадалаах«, — диэтэ баһылык.

Өймөкөөн оройуонугар барыта 600 объект биэрэпискэ хабыллыа.

This post was published on 04.07.2016 12:16 12:16