Өймөкөөҥҥө 59 кыраадыс тымныы бэлиэтэннэ

Саха сиринээҕи УГМС биллэрбитинэн, сарсыарда 8 чааска Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр 59 кыраадыс тымныы бэлиэтэннэ. Өрөспүүбүлүкэ 11 нэһилиэнньэлээх пуунугар кыраадыс -45-тэн намыһаҕы көрдөрдө, суруйар СИА. 

Уус Ньараҕа -55, Верхоянскайга -51, Уус-Муомаҕа уонна Ытык Күөлгэ -49, Кириэс Халдьаайыга -48, Баатаҕайга уонна Охотскай Перевозка -47, Белай Гораҕа -46, Чурапчыга уонна Аммаҕа -45 кыраадыс бэлиэтэннилэр.

Дьокуускайга -34-36 кыраадыс.

This post was published on 08.12.2021 13:47 13:47