Өймөкөөҥҥө 107 мөлүйүөн солкуобайдаах кыһыл көмүһү уорбут киһини туттулар

Өймөкөөн улууһугар эрдэ сууттана сылдьыбыт Амур уобалаһын олохтооҕун туттулар. Кини барыта 107 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа сыаналанар 17 киилэ кыһыл көмүһү уорбут.

МВД-Медиа иһитиннэрэринэн, «Халыма» трассаҕа ГАИ үлэһиттэрэ бу киһи массыынатын бэрэбиэркэлээри тохтоппуттар. Суоппар ньиэрбинэйдиирин бэлиэтии көрөн, тырааныспарын көрөргө санаммыттар.

Ол түмүгэр полицейскайдар массыына солуонуттан 17,8 киилэ кыһыл көмүс суулана сылдьарын булбуттар. Бу сыаната быһа холоон 107 мөлүйүөн солкуобайтан тахса буолар.

Онон холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тутуллубут киһи эрдэ эмиэ маннык буруйу кэһэ сылдьыбыт эбит.

Саха сирэ

This post was published on 03.10.2023 15:57 15:57