"Үйэ оҕото". Горнайга 2022 сылга бастакы оҕо күн сирин көрдө

Бүгүн, тохсунньу 3 күнүгэр, Горнайга бастакы оҕо күн сирин көрдө. Элбэх оҕолоох Александра, Афанасий Мандаровтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕо, уол оҕо, эбилиннэ.

Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр «Үйэ оҕото» тосхол биллэриллэн, Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сылга күн сирин көрбүт оҕоҕо 100 тыһ. солк. бэриллэрин туһунан иһитиннэрбитэ.

Горнай улууһугар үбүлүөйдээх сылга бастакы оҕо Мандаровтар дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрдө, суруйда «Үлэ күүһэ» хаһыат.

Санатар эбит буоллахха, быйыл САССР 100 сылын бэлиэтиибит.

Хаартыска интернеттэн.

This post was published on 03.01.2022 14:30 14:30